Page 94 - Иннокентий Артамонов. Саха суруйааччылара о5олорго.
P. 94

КыргыЬыы толоонугар одутта,
                Киэн тутун хоодуот уолгунан
                Саха норуота!»
                Итинник сурук кэлбитэ
                Уонна биэс бойобуой уордьана.
                Билигин кердеруем эйиэхэ
                Бука барытын, одом сыыйа».

                                   VI
                Аадааччыларыам, бадар, эЬиги
                Кэтириис убайдарын суохтуоххут,
                Кыайыы кунугэр, бадар, эйиги
                Yc саха уолун суруоххут,

                Ити эЬиги ыйытыыгытыгар
                Манныгы этэн хоруйдуум:
                УЬуен сэрии толоонугар
                Oxcyha баартарын уруйдуум.

                «Оттон кырдьадас ийэтэ
                Кыайыы кунун кеерте дуо?» — диэххит...
                Сут дьыл унуох хадыс илиитэ,
                Додотторуом, эмээхсинтгэ тиийбит.

                Ийэтин, кэргэнин, убайдарын
                Кэтириис сутэрэн кырыйда,
                Соргулаах эдэркээн саастарын
                Сэрии уот сыллара сарбыйда.

                Тордон берелуу улуйан ааспыта
                Сэрии ынырык ыар сыллара,
                Тордо буруобут быста-быста,
                Бурдачыйан, уеЬэ тахсара.

                Харах уутун ортотунан биЬиги
                Хону к хонор буоларбыт,
                Хоргуйан, аччыктаан угус эрэйи
                Санныбытынан сугэн ааЬарбыт.
                Ол да буоллар Хотугу дойдубут
                Аатын туЬэн биэрбэтэхпит.
   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99