Page 177 - Төрөөбүт тыл оһуорунан. хоһооннор. И.В.Мигалкин, Г.А.Фролова хомуйан оҥордулар
P. 177
175
СИЭРЭЙ кыл сэлээппэлээх эмээхсин
Кырдьыы кыЬыл кемус сылларын
Сиэдэрэй симэх гынан иилинэн,
Киирдэ дьиэбэр сэмэй нарын —
Сиэрэй кыл сэлээппэлээх эмээхсин.
Сырдык эмээхсин дьуЬунун,
Сирэйин-харадын олоруутун,
СааЬырдар да эдэрин сехтум.
Туттара-хаптара номодонун!
Сииккэ-хаарга хаампатада,
Сиикэй тылга хаарыйтарбатада,
Сиэри-туому кэспэтэдэ биллэр.
СуЬуедэр суурэ сылдьар эдэр!
Ол эрэн кини туЬунан кэпсииллэр,
Олох силлиэтэ тууйбута дииллэр:
Одонньоро балыырга хаайыллыбыт,
Одолоро биэстэн биирэ эрэ хаалбыт...
Олодун соЬуччу охсуута баламат,
Ол да буоллар эмээхсин чадыйбат.
Олох охсуутун тэйитэр олус чэбэр
Одолуу дууЬата. Ол иЬин кини эдэр.
Кырдьыы кыЬыл кемус сылларын
Сиэдэрэй симэх гынан иилинэн,
Киирдэ дьиэбэр сэмэй нарын —
Сиэрэй кыл сэлээппэлээх эмээхсин.

