Page 58 - Данил Макеев Кэпсээннэр
P. 58
KOP-KYAYY
Суукка биэриэм
БырааЬынньык кун дойдубар, нэЬилиэккэ тах-
саары суолга турдахпына дьонум ыкса ыаллара
Уйбаан быйыл сана ылбыт массыынатынан сири-
лэтэн кэллэ. Уерэ-кете иЬирдьэ дьылыс гыммы-
тым аны apgaa ыалым Хаппытыан олорор эбит.
Дьонум бырааЬынньыкка ас-уел атыылаЬа киир-
биттэр. Куе-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ айаннаан дьи-
римнэтэн истэхпитинэ Хаппытыаммыт угэЬинэн
ньилбэгин охсунаат угуруелуу тустэ:
— Оо, улар мэйии баара, сымыыт ылыахтаах-
пын умнубуппун. Уйбаан, эн ыллын дуо?
— Суох. Кууруссаларым билигин да биирдэ
эмэ сымыыттыыллар ээ. Сеп буолар баар этэ.
— Сымыыттыыллар даа? Хата бийиэхэ бэрсээр
эрэ.
— Эс, кээс до§ор. Ол биэс-алта сымыыттан
дуо?
— Кэриэлийимэ до$оор. Аадыстахха биэстээ§эр
буолуох биэс уон да сымыыты ылардаах буолуом.
Сайыны быЬа мин бетуугум эн кууруссаларгын
тэпсибитин умуннун дуо? Эйиэнэ бэйэн курдук
кырдьан туЬата суох буолбут быЬыылаах.
— Ээйиис! Бетуугунэн баайсан сымыыт сиэри
олорор эбит дии. Тохтуон ээ. Хата мин эн бетуу-
гун кууруссаларбын кууЬулуурун туЬунан дьыала
онорон суукка биэрдэхпинэ ыларым элбиир ини,
— диэн Уйбаан киЬитин айахха анньан кэбистэ.
56

