Page 32 - Иван Мигалкин Күнүн аайы улаатабын
P. 32
ҮӨРҮҮЛЭЭН МОРЮ
Сардаҥалаах Маай —
Күннүүн да чаҕылхай,
Тула үөрүү, мичээр —
Истиҥ эҕэрдэ этиллэр.
Эйэлээх халлааҥҥа —
Ким барыта дьулуһар,
Үйэлээх доҕордоһууга —
Дьон-норуот баҕарар.
Кыһыл былаах кытыастар,
Үрүҥ холууп тайаарар —
Колонналар хаамсаллар,
Күүстээх ырыа дьиэрэйэр.
Дьоҥҥо дьолу баҕаран,
Бары кэрэни уруйдаан —
Маай биһиэхэ күүлэйдиир,
Киһи аайы мичээрдиир.

