Page 216 - Бойуот
P. 216
тууктэр охсуЬаары дьохсооттоЬоллорун курдук, утарьгта
дьуккуьгнэспэхтээн, эккирэтиЬэн субурун'наЬаллар.
«Ойуун», уутугар-хаарыгар киирэн чуЬууран ыла-ыла,
куллугуруу олордо. КиЬи, атыырдар бары куллугураЬан
барыыларын кэтэЬэ сытан, саамай кырыыга хоЬулаЬа оло
рор икки куртуйады ытан бурдатта. Куртуйахтар ах баран
тохтуу туЬэн ылаат, мехсе сытар атыырдарга кыЬаммакка,
эбии сэтэрбиттии чууЬурдаЬа, куллугураЬа тустулэр. КиЬи
сытан эрэн саатын ииттэн букунаста. Итинник иитэ-иитэ
алтата ытан, сэттэ куртуйады олерде. Атыттара, дьэ, онно
эрэ кетен тигинэстилэр. «Ойуун» содотодун хаалан, дьии-
бэргээбиттии, туда эргийбэхтээн керде. Онтон адыйахтык
баллыгыраамахтаат, «ча-ас» дии-дии, ерутэ кеппехтеен
ылла уонна, кутуругун тиэрэ бырахпытынан, бутэнитик
кутуран куЬугурэтэ-куЬугурэтэ, ытыалаан бутэн, кирийэн
сытар киЬи таЬынан аа-дьуо доодон'ноон тыа диэки тахса
турда. Онуоха киЬи дьэ туран булдун хомуйда, куртуйах-
тарын куех баархат толбонноох килбэн'нэс хара туулэрин
имэрийтэлээтэ, кып-кыЬыл хаастарын биЬирээбиттии
керен турбахтаата уонна, бэрт надыллык туттан, ииччэх
талахтары бысталаан, эрийэн имитэ туЬэн баран, булдун
моонньуларыттан холбуу баайан, санныгар иилэ бырахта
да, бара турда.
Бу оччолорго Чооруос уола диэн ааттанар, кэлин баа-
рададыйыыта ЧооруоЬап диэн аатгаммыт, онтон элбэх
одоломмутун кэннэ урдуттэн Чооруостар диэн аат инмит
Паапа Саабылыскай этэ.
Ити аат Паапа эЬэтин хос аата. Ол кырдьадас кыра
эрдэдинэ наЬаа куйата бэрдэ yhy. Ол иЬин таптаан Чоо
руос диэн ааттаабыттар. Чооруос Оймекеентен быралы-
йан киирэн, бу дойдуттан ыал содотох кыыЬын кэргэн
ылан олохсуйбут. Кини майгыта учугэйинэн, элэккэйи-
нэн дьон’но барытыгар сеп тубэспит, хайдаппыт, таптап-
пыт. Аны атадынан кус быЬый эбитэ yhy.
Дьон, ол таптыыр киЬилэрин аатын уйэтитэ сатаан
буолуо, урдук унуохтаах, киппэ-хаппа бэйэлээх Паапада,
ханан да сыЬыана суох, эмиэ чооруос чыычаах аатын
ин эрэн кэбиспиттэр.
Паапа уонтан тахса куЬу кытга ити теЬе эмэ куртуйады
елерен, кун уоттаныыта, ортотугар балай эмэ улахан
куеллээх тегурук алааска киирэн, илин етте очумаас-
чочумаас быллаардардаах урдук халдьаайы хоту эниэтин
210

