Page 231 - Бойуот
P. 231
__ Кумаады, харандаас энии атыылайалларыгар кыра
эмэ харчылаахтара буоллар...
— Ол хантан харчы кестуе буолладай, — Паапа, этэр-
бэйин ытыран бутэрэн, тиэрэ олордо. — Арыы киллэрэн
ягыылаабыт киЬи.
— Оттон ити биир чабычахтаах арыыгын киллэр ээ.
Таарыччы чэйдэ, таггаста атыылас.
— Ит, бииргэм эн танайыьг буппэт.
— Оттон бу саас атыыласпыт ол адыйах арсыын та-
ндскынан одолорго биирдии сана ырбаахыны тиктибит
дии. Онтон оппото, суох. Мин ырбаахым мэлийдэ. Эн да
ырбаахын' абырахха киирдэ. Одонньордоох эмээхсин бу-
катын эйиннилэр.
— Дьэ, сордоох да бадайы додор. Ол дьонум арыыны
атыыласпакка, харчынан кердеетуннэр? Apaaha, cyehy
елерон, эт атыылаатахха табыллыыйы.
— Бурдугун' да бутэн эрэр. Билигин суус араас хонойо,
ыалдьыт сылдьыада. Онно биирдэ баахылалаан айатар
бурдук суох, — Малаанньата сонньуйар...
V
1929 сыл. Поселковай табаарыстыбалар, ТСОЗ-тар, ар-
тыаллар (холкуостар) онно-манна тэриллитэлээбит сылла-
ра. Нэйилиэнньэни уптэринэн-астарынан корен: чэрдээх
илиилээхтэргэ (хамначчыт сылдьыбыт дьон), дьаданыларга,
синньигэс чэрэнээктэргэ (середняк), чэрэнээктэргэ, суон
чэрэнээктэргэ, кулаактарга наардаан хайыталаабыт дьыл.
Бу дьыл нэйилиэккэ уонтан тахса дьокутаат (хамыыйыйа)
туох баар сири кэрийэ сылдьан кээмэйин, хотугуоруйатын
быспыттара уонна сири уллэстии барбыта. Биэрибэй хо-
тугуоруйалаах сирдэри дьаданыларга, торуой хотугуоруйа-
ны — синньигэс чэрэнээктэргэ, yhyc хотугуоруйаны — чэ
рэнээктэргэ, куЬадан сирдэри — суон чэрэнээктэргэ, урэх
бастарын — кулаактарга. Дьонтго, ол кыахтарынан керен,
нолуок туЬутэлээбитэ. Дьэ ол ийин кулаак суон чэрэнээк
кэ туйээри, суон чэрэнээк кеннеру чэрэнээккэ, чэрэнээк
синньигэс чэрэнээккэ, синньигэс чэрэнээк дьаданыга ту-
Ьээри киэн' меккуеру меккуйэн, адыс айдааны тардан,
cyehy бедену кыдыйбыт дьыллара.
Ити дьыл уйэлэргэ сене сыппыт естейуулэр куедьуйэн
225

