Page 240 - Бойуот
P. 240
— Чэ, буоллун, ейуун да бутэрдиннэр. Кун аайы ыгы-
лыта олорун-, — диир Хардааччы уонна, кулэ туйэн баран,
ууттээбит курдук Ыстапааны керен олорон, эбэн этэр: —
Мин бугун дьиэбэр хайаан да бардахпына сатанар. Эмээх-
синим кус сиэри кеЬутэн аххан олордодо буолуо.
Ыстапаан киЬитин астымматахтыы керутэлээн кэбистэ
уонна бэйэтин кытта кэпсэтэрдии:
— Кыарадас бадайы сонуокка алые элбэх бурдук ку-
туллар, — диэн бэйэтин санаатын этэ олордо. — Сиэйэл-
кэни буолунай аЬан баран хаамтарбытгара, укчу етууну
соспут курдук туЬэр эбит. Ол урдунэн бурдуктарын батар-
бакка, аны кириэстии туЬэрэн бутэрэллэр эбит. Итинник
ыЬыыттан туох бурдуга тахсыай?! Дьэ, ынырык!
— Бэйэн бэйэдинэн туох диэтэххиний? Сонуокка теЬе
бурдук ыЬылларга ананна да, ол бурдук ыЬыллыахтаах
буоллада дии, — Хардааччы киЬитин уорбалаабыттыы
керутэлиир.
— Оттон, додоор, бурдук уунэр гына септеедунэн ыйан
баран, оппут бурдугу кыЬаллан олорор, бурдукка наады-
йар дьонтго тунэтэн биэрдэр, икки еттунэн барыстаах
буолуо суода дуо? Бурдук да уунуе этэ, дьон да туЬаныах
этэ, — диир Ыстапаан.
Хардааччы хаана-сиинэ уларыйан, киЬитин сур бада-
йытык керер-истэр:
— Хайдах норуот естеехтерун курдук тыллаЬадын?
— Ким билэр, додоор, хата, ыЬыыбыт улэтэ тороскуус-
туу барбыт ээ, бадада. Бостуой бараммын. Барбатадым эби
тэ буоллар, ыыра итинник ыстарыам суода этэ.
— Додоор, эн тылгын кыана туттунар буол! Сэрэн эрэ,
турмэдэ да тубэЬэр оччо ыраада суох буолуо! — диэн ба
ран, Хардааччы ойон турар.
Ити кэмн э алаас учаастагын биригэдьиирэ Паапа кии
рэн кэлбэтэдэ эбитэ буоллар, кэпеэтии тугунан бутэрэ
биллибэт гына хайысхаланан барбыта. Паапа киирэрин
кытта, кыыЬырбыт Хардааччы таЬырдьа кыаЬахыс гынан
хаалар.
— Хайа, Паапа, ыЬыыгытын бутэрдигит дуо? — диэн,
Ыстапаан остуол урдугэр баар кумаадыларын сааЬылыы-
сааЬылыы, ыйытар.
— Ээ, уолатгар, Харайдаанап Уйбаан, Муочукуун Соп-
пуруон, тууну быЬа утуйбакка ыЬан бутэрдибит диэн аат
таан кэллилэр. Уонча куул бурдук ордубутун ити тойоммут
234

