Page 270 - Бойуот
P. 270

Петр Петрович «ол миэхэдэ туох наадалаах буолуой?»
        дии санаата буолан баран, бу ытык киЬи адьас кэпсииргэ
        соруммутун керен, ытыктыы санаан, туох да диэн хардар.
        бата. Оттон одонньор кэпсээн барда:
           — Билигин ити урэх баЬа буолан турар, Сэмэнньэни
        елербут сирдэрэ утум-ситим элбэх алаастар этилэр. Ынах
        ман ыраабыт, ыт урбут, киЬи-cyehy уескээбит аххан сирэ
        этэ. БиЬиги адаларбыт, ийэлэрбит онно уескээбиттэрэ.
        Сэмэнньэ адата ат беде, кус быЬый киЬи эбит. Кини­
        лэр хоту еттулэригэр силлиЬэ олорор алааска Сомсуун
        диэн эмиэ биир туспа куустээх-уохтаах уола хаан олор-
        бут. Кини тыллаах-естеех, улэЬит аххан киЬи эбит уонна
        бэрт адыйах сыл иЬигэр суеЬулэнэн-астанан барбыт. Ол
        теруетунэн буолбут, Сэмэнньэ адатын тылыгар киллэ-
        рэн, хас дэлэгэй, тубэЬэр кун кэллэдинэ, буруйун бэйэбэр
        ылыныам диэн андадайан, сылгыны, суеЬуну уорарга куо-
        муннаспыттар. КуЬун'Н'у кэмн э суурбэччэ кестеех сиртэн
        атыыр уерун уурэн адалан дьаамада туЬэрэллэр эбит. Ол
        этин бэйэм идэЬэм этэ диэн ааттаан куоракка киллэрэн
        атыылаан, эмис еттун сиэн сай-сат диэбит. Оттон Сэмэн­
        ньэ адата айадар учугэйдик аЬыырынан астынан, булаач-
        чы-талааччы кини буолан, дьадантатык олорбут. Икки
        ардыларынан уу тэстибэт атастыы буолан ол курдук олор-
        буттар. СааЬыра барбыттар.
           Арай биирдэ, куЬун туун хараарбытын кэннэ, Сомсуун
        атаЬыгар кэлэн: «Додоор, бэрт да харагга тууннэр буоллу-
        лар. Былыргыбытын эргиппэппит дуо? Эт сиэхпин наЬаа
        да бадардым», — диэбит. Биирдэрэ нэмин-дьаамын биэр-
        бэтэх. Сомсуун иккиЬин, усуЬун кырыммыт. Дьэ онно
        себулэспит: «Сеп, чэ, киэЬэ харанардадына, кыбыыгг кэн-
        нигэр тахсаар. Бэлэмниэдим», — диэбит. Харана буола-
        рын кытта, Сомсуун отгостон тахсыбыт. КиЬитэ биир бэр-
        тээхэй туертээх байтаЬын ынады адалан баайан турар yhy.
        Уеруунэн астаан бутэрэн баран, Сомсуун додорутган те-
        Ьетун ыларын ыйыппытыгар, биирдэрэ туеЬун аггаарын
        эрэ ылбыт уонна баран хаалбыт.
          Адыйах хонон баран, Сомсууннаах идэЬэ гыныахтаах
        туертээхтэрэ суох буолан хаалбытыттан айманан кердуул-
        лэр уонна булбакка, били уоран сиэбит суеЬулэрин тирии-
        тин кербуттэрэ — ынахтарын тириитэ буолан хаалар. Он­
        тон ыла Сомсуун додорун дьиэтин боруогун атыллаабакка
        сылдьан елбутэ yhy. Ити биир берукутэ суох тубэлтэ баар.
        264
   265   266   267   268   269   270   271   272   273   274   275