Page 33 - Бойуот
P. 33
дыын бытааран, ан'алалаабыттарыгар, сеп тубэйэн олоро-
ро эбитэ дуу? Туох билиэй кини санаатын!..
Бу кэмнэ унуоргу сыыры биир кийи таниары суурэн
туЬэн, боруу от быыйыгар тардыллыбыт тыыны ууга ан
ньан сурулатан ийэн, ийигэр ыстанан киирдэ да, эрдэн
тиминнэппитинэн, хайбаггнаппытынан барда. Кини Нуо-
ралдьымада уун-утары тахсан кэлбитигэр, кыыс:
— Хайа, Бойуот, тугу гына сылдьадын? — диэн ыйыта
тойуйда.
— Эйэдэ мае туруордум уонна унуоргу Мэндиги сийи-
гэр куобахха сохсо охсобун.
— Бэрт сиргэ бултаан эрэр эбиккин дии. Онно били эн
бийикки туйахпыт быйыта баар дуо?
— Баар. Сордотун уот сиэбит.
— Уруккубут курдук, бииргэ кэрийбит кийи баар ини.
— Кэрийиэх ээ, — Бойуот уерэ туйэр.
— Сатаммат, — диир Нуоралдьыма, улаханнык сон-
ньуйбут керунунэн.
— Бийиги билигин улахан дьон буолбуппут быйыы-
лаах. Одо эрдэхпитинэ бииргэ сылдьыбыппыт, оонньоо-
буппут, бултаабыппыт аастада дии. Бу урун' хаарга мин
Теньке атада суох уолугар эргэ тахсабын... — диэн баран,
Бойуоту одуулайар.
Уол буолладына, тебе да харатын ийин, сирэйэ биллэр
гына уларыйа туйэр уонна, хас тылын аайы тохтуу-тохтуу
этэр:
— Нуоралдьымаа... барыма...
Кыыс кулэ туйэр:
— Оччодо хайыыбын? Кимиэхэ барабын? Хайаан да
биир эмэ кийиэхэ барыахтаахпын буолбат дуо?
— Барыма... Кимиэхэ да барыма...
— Ол хайдах? Оннук сатаныа уйу дуо?
Уол сан арбат.
— Бойуот, эн бийикки санаабыт адьас биир ээ. Эн
эмиэ мин бадам хоту бадалааххын, мин бу етеру керен
олоробун. Эн туохха бадараргын толору эт ээ. Эн бийик
ки уончалаахпытыгар керсубуппут, онтон ыла, биир ыал
одолорун курдук, бииргэ сырыттыбыт уонна баран мии-
гиттэн кыбыстадын дуо? Эр кийи ааттаах эт ээ... Туох дии
саныыргын толору... — диир Нуоралдьыма.
Бойуот тугу да хардарбат.
— Эт. Мин истиэхпин бадарабын, — диир эмиэ кыыс.
27

