Page 39 - Бойуот
P. 39
хардарыта умсан тоггхойдум: килбиэннээх сирэйгитин
киэр туттуман', кыталык элэмэс сонодоЬу кыбынан, кэЬии
туомнаах кэллим.
Кистээн олорбут кийиит ододутун буллум, киирэн илдьэ
тахсын. Киэн’ Амма хотун кырылас мууЬунан кыйаланан,
кылыгыр уунан илгистэн, кийитин-суеЬутун кэбилээри
гынна. Кун буолун-, ый буолун! КыыЬырбыккытын кый-
даан', уордайбыккытын ударытын'. Кыдьымах быыйыттан
Кыыс Хотуннугун ылын, кемуел уутуттан Кун Хотунтгу-
тун кетедун', харыыбытын телерутун, халдаЬабытын хал-
барытын !», — диэн, ойуун тылларын Нуоралдьыма исти-
тэлээн ааста уонна: «Ити аата миигин, суоЬуну туттар
курдук, туттан эрдэхтэрэ дуу? Хайдах-хайдах бадайыный?
Хайдах ийэлээх адам манныгы онортороллор? Ама мии
гин Амма мууйун кытта ыытыахтара дуо?..
Хайа?.. Ойуун саната ах барда... Togo чуумпутай!.. Бары
бардылар дии, быЬыыта... содотохтуу миигин эрэ хааллар-
дылар буолбат дуо?
Ити аата миигин эбэ уутугар бэлэхтээтэхтэрэ... О,
санардыы эрэ ачалаан иЬэммин, Амма эбэм халдаЬатыгар
хампы астаран, тимириэх бэйэм буоллада. Мугг сатаатар
буор ийэбэр кемуллэрим бадас буоллар дуу... Бойуот хан-
на сылдьар? Эмиэ мин кэппин кэтэрдэн кэбилээтилэр
ини. Apaaha, кинини урутаан, миигиннээдэр ынырыктык
елердехтере буолуо. Кини тыыннаада буоллар, миигин
маннык кэбилэтиэ суох этэ. Ол кэриэтэ бэйэтэ елуех этэ.
Кини билигин кун сиригэр суода чахчы...
Нуоралдьыма бу курдук муннана сыттадына, суор тан'-
нары халаатаан кэлэн, эргичийбэхтээн баран, кини таЬы-
гар дабдарыс гына олоро тустэ.
«Уу! Бу улуу кыыл тыыннаахтыы сиэри гынна дуу...
Аны кини хайыытаппытынан сытыаран харахпын оггон
сиирэ итэдэс буолла дии быЬыыта. Оо, Амма эбэ хотунум,
син ылар киЬигин, эрэйбин элбэппэккэ, мутгмун уйаппак-
ка, харайыан буоллар харайа одус даа!.. «Уу-уу-у!.. Кунум
сирэ, быдан уххан! Ийэлээх адам, быдан уххан! Бойуотум,
быдан уххан!.. Бойуот, эн мин хайдах эрэйдэнэн елербун
билбитин, сэрэйбитин' эбитэ буолуо дуо?» — диэн, уйаа-
ра-кэйээрэ суох ытыы, муннана сытта.
Муус, субу адай тодо бараары, кыычыгырыы-кыычыгы-
рыы дьиппинийэ, уу бокуойа суох быгыахтаан, муус
быыЬынан кылдьыгырыы-халдьыгырыы устан барда.
33

