Page 116 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 116

ратын  үтүөлээх  үлэһитэ)  өйдүүрүнэн,  аны  Роман  Федоро-
         вич  маҥнайгы  кэргэнэ  арахсан,  кини  кыыһа  иккилээх  Ли-
         дия  биһиги  ийэбит  9  саастааҕар  кини  көрүүтүгэр  хаалбыт.
         Онон  үһүөн  тулаайах  дьон  бэрт  эйэлээхтик  үөскээбиттэр.
         Дина Дмитриевна ийэбит кэпсиириттэн, хас да көрдөөх түгэн-
         нэри өйдүүр.
            Биирдэ ийэбит тоҥ ыаһы быһахтан салаан тылын хам ыл-
         ларан  кэбиспит,  ону  ойо  тардан  ылбыт.  Ону  уола  дьонугар
         этээри кутгаабытын, таҥараҕа эрэ сиир өлүү алаадьытын биэ-
         риэх буолан уҕарыппыт. Күһүн отоннууллар үһү. Онно маама-
         быт улахан киһи буолан, быраатын Реаһы батыһыннара сыл-
         дьан,  элбэҕи  үргээтин  диэн  албынныыр  үһү:  «Сыччыай,  эн
         улахан отону буллаххына, адьас сиэбэт буол, ити тураах ото-
         но»,  —  диэн.  Итинник  сылаас  эдьиий-быраат  курдук  чугас
         сыһыаннара кинилэр үйэлэрин тухары салҕаламмыта.
            Реас  куоракка  пед.техникумҥа  үөрэнэ  сылдьан,  Дина
         Дмитриевна өйдүүрүнэн, куоракка биһиги дьоммутугар дьиэ-
         лэнэн олорбут эбит.  1936 с. биһиги Чурапчыга көһөн тахсы-
         быппыт  кэннэ  дойдутутган  кэлэ-бара  биһиэхэ,  Чурапчыга,
         быһа  ааспакка  сылдьар  буолара  үһү.  Кэлин  мин  өйдүүр  бу-
         олбутум  кэннэ  таайым  кэллэҕинэ,  ийэм  наһаа  үөрэр-көтөр,
         ас  бөҕөнү  астыыр  буолара.  Күндү  ыалдьыт,  таайым,  кэлэн
         барыыта биһиэхэ куруук бырааһынньык буолара.
            Ити  иннинэ  таайбын  аан  бастаан  Таатгаҕа  бара  сылдьан
         көрбүтүм. 4-5 кылааска үөрэнэр сааспар арай биирдэ ийэм бы-
         раата Егор (аҕатын Аммосов Баҕыыр Мэхээлэ кэнники кэргэ-
         ниттэн  уола)  Чурапчьҥа  ыһыахха  кэлэн  күүлэйдии  сылдьан
         акка  мэҥэһиннэрэн  миигин  Тааттаҕа  илдьэ  барда.  Онно  аан
         бастаан аты мииммит киһи, олорор сирбин дьуккурутан, ошу-
         кабын  кыбыстан  эппэккэ,  бэрт  эрэйинэн  Ардьаах  сайылыкка
         тиийбиппин өйдүүбүн. Онно ол сайын Таатгатааҕы аймахтар-
         бын  кэрийтэрэн  билиһиннэрдилэр.  Биирдэ  анаан-минээн  Ку-
         лаковскайдар олохторугар Реастаахха бардыбыт. Тиийбиппит,
         дьиэлэригэр ким да суох. Ааннара миинньигинэн баттатыылаах.
         Төннөн кэллибит. Кэнники билбиппит Реастаах онно сорохто-
         ро оттуу, сорохторо дьэдьэннии барбьгггар эбит.
            Онтон  арай  биирдэ,  эмиэ  биир  таайым  аахха,  Көстөкүүн
         Захаровтаахха, сатыы баран исгэхпитинэ, биир аттаах киһи ситгэ.
         Көрөөт миигин биллэ, ааппын кытга ааттаата. Ыыс араҕас ну-
         уччалыы хааннаах, хап-хара кууцара батгахтаах киһи этэ. Бэйэтин
         аатын  эппэтэ.  Оннук  араҕыстыбыт.  Аата,  наһаа  да  үчүгэй
         көрүҥнээх киһи дии санаатым. Дьоммор кэлэн оннук куудара
         батгахтаах  киһини  көрдүм,  кини миигин  билэр эбит диэбип-
         пэр: «Тыый, отгон ол таайыҥ Реас дии», — диэтилэр. Онтон
         114
   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121