Page 259 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 259
гэним Адрианныын тэлиэгэлээх оҕуһунан кеһөн иһэн, Реас
ьпгыыр аттаах, саалаах дойдулаан иһэрин көрсүбүппүт. Үөрэ-
көтө, кэпсэтэн ааспыта. Ити сыл дуу, нөҥүө сылыгар дуу
дьонун Чычымахха көһөрөн киллэрбитэ. Манна киирэллэ-
ригэр хас да оҕолоохторо. Биһиги ыаллыы олорбуппут. Ки-
нилэр эдьиийдэрин Марина Паповна Заболоцкая-Татарино-
ва уһаайбатыгар олорбуттара. Оҕолорбут бииргэ оонньуул-
лара. Реас уола Алексей, мин Өндөрөйүм, Малышев Толик
саастыы буолан бииргэ оонньууллара. Биһиги сайын Ынах
Күөлүн ферматыгар сайылыырбыт. Реас Алексеевич ферма-
ларынан сылдьан лектордыыра. Аан дойду балаһыанньатын
кэпсиирэ. Атом кутталлааҕын кэпсиирин өйдүүбүн. Оҕо ийэ-
тин иһигэр сылдьан атом ыарыытыттан ыалдьыан сөп диэ-
битин өйдөөн хаалбыппын.
Ол кэмҥэ булт дэлэйэ, бобуу суоҕа. Биһиги аҕабытын
кытта Реас кустуур, куобахтыыр, андылыыр этэ. Бэйэтэ ту-
һахтаан куобахтыыра.
Реас Алексеевич сүрдээх эйэҕэс, кэпсии-ипсии сылдьар
оонньуулаах киһи этэ. Биһиги кэлин даҕаны билсэр этибит.
Уус Алдаҥҥа Бороҕоҥҥо олоро сылдьыбыттара. Улахан уолум
Бааска дьиэ кэргэнинээн кийиитим дойдутугар Уус Алдаҥҥа
олорбутгара. Онно мин, ат сүүрүүтүн көрөтаарыйа, Реастаахха
хонон турардаахпын. Онтон биирдэ эмиэ оҕолорбор дьаар-
байа таарыйа Өндөрөйбүнээн, кини армияттан кэлэр сылы-
гар, Реастаахха хоммуппут. Ити 1976 сыллаахха. Онно оҕолоро
суохтара, үөрэнэ-үлэлии сылдьаллара. Кинилэр Татьяналыьш
сиэннэрин көрө олороллоро. Сүөһүлээх этилэр. Сүрдээх
бэлиэ үчүгэй сиргэ олороллоро. Онно Ларисалара үөрэнэ
сылдьан каникулугар кэлбитэ. Оҕо аата Аккатой диэн этэ.
Өлүөскэ аата — Төттөй.
Реастаах кэлин Ытык Күөлгэ улахан уолларыгар Атоска
сайылыы тахсар буолбуттара. Мин онно эмиэ сылдьыбы-
тым. Онпо Реас куруутун суруйа олорор буолааччы. Олох
солото суоҕа.
Айылҕаиы сөбүлүүр, олус булчут киһи буолан Уолбаҕа
тахсан, мин кыыһым аахха, Потаповтарга хоно сылдьан куо-
бахтыыра. Биир сиэнинээн, Лариса уола Алешалыын, куо-
бах бөҕогүн өлөрбүтгэрэ. Ити өлүөн биир сыл иннинэ: «Эһиил
эмиэ кэлиэм», — диэн, үөрэн-көтөн, баһыыбалаан арахсы-
быттар этэ. Оп гон эһиилигэр өлбүтэ. Реаһы бэйэтин уонна
кэргэнин Таняны үчүгэйдик билэр буоламмын, тиһэх суо-
лугар улахан уолум Бааскалыын тахсан атаарбыппьгг. Төрөөбүт
сиригэр Амыдайга тиийэ бара сылдьыбыппыт. «Таптыыр
алааскар Амыдайга аҕаллыбыт», — диэбиттэрэ оҕолоро.
17 Чдказ№63
257

