Page 57 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 57

Чурапчыга  олордохпуна  Реас  Алексеевич  Кулаковскай:
           «Үтүө күн буоллун, Семен Андреевич.
             Тааттаҕа  сайылаан,  күннээн  дьиэбэр  субу  кэлэн  олоро-
           бун.  Онон  ыксааммын  бу  эдэр  эрдэхтээҕи  хаартыскабын
          ыытабын. Оспуордаама дуу, хайаабытым да иһин бэйэм олор-
          доҕум дии.
             Вадим  Валерьевич  эйиэхэ  привет  ыытар.  «Художествен-
          най литератураҕа» аҕам суруйуутун таһаарда. Эйиэхэ ыытыах
          курдук эппитэ.
             Ити курдук. Бэрт баҕайытык олор, үлэлээ.
             Реас. 14/Х-90 с.» — диэн суруга тиийэн кэлбитэ.
                                      * * *

             Реас  Алексеевич  Кулаковскай  Чурапчыга  олордохпуна,
          Тааттаттан  төннөн  иһэн  дьиэбэр-уоппар  поэт  Урсуннуун
           анаан-минээн  таарыйан  ааспыттар  этэ.  Хайа  күн  суох  буо-
          лан  биэрбиппин.  Кырдьаҕас  киһи  суолта  биэрэн,  кэлэн  бар-
           бытын баттаспатахпыттан билиҥҥэ диэри хомойобун.
             «Аҕам  олоҕо»  диэн  кинигэтин  анабыл  суруктаан-бичик-
          тээн хаалларбыт этэ. Онно Реас Алексеевич мин хогу төрөө-
           бүппүн,  кыпалҕалаахтык  үөскээбиппин-улааппыппын  эгэн
          туран, киһи-хара буолан эрэрбиттэн үөрэрин уонна айар үлэ-
           бэр ситиһиилэри баҕарарын биллэрбит дъоҥҥо-сэргэҕэ тиэр-
          диэхтээҕим  баара  —  ол  суруктаах  кинигэм  Чурапчытааҕы
          дьиэбэр  хатанан  турдаҕа  дии.  Ону  хайыам  баарай.  Сурук  ис
          хоһоонун ити курдук тылбынан эрэ тиэрдэрбэр тиийэр буол-
          лаҕым.
             Олоххо  тиһэх  көрсүһүү  тосхойоро  диэн  баар  буоллаҕа.
          Сааскы кэм этэ. Реас Алексеевич Кулаковскай Таатгаҕа көтөөрү
           Маҕан  авиапордугар  олорор  эбит  этэ.  Сэһэргэстибит.  Кэп-
          сэтиибит арай туран тары хайдах хаһааныыга тиийэн хаалла.
             — Хата, доҕоор, ол аһы хаһаанарыҥ буоллар амсайыллыа
          этэ буоллаҕа... — диэхтээбитэ.
             Реас Алексеевич төһө даҕаны эрэх-турах тутган кэпсэттэр
          аалларан ыалдьара биллэрэ. Ол эрэн туох биричиинэнэн дой-
          дутугар  тахсан  эрэрин  туһунан  биир  да  тылы  быкгараах-
          таабатаҕа. Кини биһикки ити тиһэх көрсүһүүбүт эбит этэ...
             Реас Алексеевич Кулаковскай көнө сүрэхтээх, үтүө суобас-
          таах, ыллыктаах тьшлаах, өйдөөх-санаалаах интеллигенин, бу
           күн  сиригэр  гражданскай  иэһин  бары  өттүнэн  төлөөбүт
           үтүокэннээх  киһи  быһыытынан мин  өйбөр-сүрэхпэр өрүүтүн
          баар.


                                                                 55
   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61   62