Page 138 - Иван Мигалкин Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин. Делю радость со всеми. хоьооннор
P. 138

САХт\М  КЫРДЬАҔАСТАРЫГАР

                 Олох ыарахаттарын
                         айымньылаах үлэлэринэн
                                       киэргэппит,
                 Ол сыллар хаардарын
                         хап-хара баттахтарыгар
                                       түһэримм ит,
                 Ааспыт сэрии
                         алдьархайдарын
                         эт-хааннарынан билбит,
        [
                 барыта Кыайыы туһугар
                         тоҥмут-хаппыт,
                                       аччыктаабыт,
        1 11 >
        »))\>)'и>.)<) ) һ  » <  ))))'»)'и>  » 1 >>>н<1/
                  Ким саа-саадах тутан
                         кыргыс толоонугар
                                       сылдьыбыт,
                 ким чэрдээх илиилэринэн
                         сарданалаах
                         Кыаиыыны уһансыбыт,
                 Оччотооҕу
                         эдэркээн кыргыттар —
                         билигин
                         ытык-мааны ийэлэр, эбээлэр,
                 оччотооҕу
                         эдэркээн уолаттар —
                         билигин
                         түс-бааччы аҕалар, эһээлэр.
                  Эһиги баар буоланныт —
                         бүгүнтгү халлааммыт
                                       нуурал,
                 эһиги баар буоланныт —
                         орто туруу дойдуга
                         өрө тутуллар таптал!

                                /  36
   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142   143