Page 24 - Иван Мигалкин Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин. Делю радость со всеми. хоьооннор
P. 24

МАҤАН ТАБАМ
                        Мин олоробун
                        Муустаах муора биэрэгэр —
                        Өрүү көрдүүр
                        Маҥан табам
                        Үөскүүр ытык сиригэр.
                        Тахсабын,
                        Туут хайыһарбын миинэн,
                        Туундара киэҥ киэлитигэр
                        Саҥа суол тэлэн.
                        Маҥан табам,
                        Оо, мин маҥан табам,
                        Эйигин көрдүүбүн!
        иһ^һһаоһ}
                        Хаҥыл бэйэҕин маамыкталаан,
                        Ойон истэххинэ
                        Арҕаскар олорон
                        Көтүтүөм киэҥ дуолунан,
                        Дабайыам үрдүк хайалары
                        Тыҥ хатыыта,
                        Күнү көрсө.
                        Маҥан таба —
                        Мин ырам,
                        Маҥан таба —
                        Мин ырыам.
                        Ханна эрэ,
                        Хаиаан да
                        Иннибэр күүтэр миигин
                        Тутулла илик
                        Барахсаным — маҥан табам!

                        1972 с., Булүү


                                22
   19   20   21   22   23   24   25   26   27   28   29