Page 82 - Иван Мигалкин Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин. Делю радость со всеми. хоьооннор
P. 82

МИЧИЛИИЭР  КҮҤҤЭ

                  Мичилийэр күҥҥэ
                             күнүүлүүбүн эйигин —
                  Кини сардаҥалара эйигин
                             сылаастык кууһаллар...
                  Былыттар көҥүл айаннарыгар
                             күнүүлүүбүн эйигин —
                  Кини ибир таммахтара
                             эн уоскун уурууллар...
                  Күөҕүнэн тыынар үрүҥ хатыҥнарга
                             күнүүлүүбүн эйигин —
                  Мичээриҥ алыбын
                             кинилэр ылаллар...
                  Лыҥкынас хомуска
                             күнүүлүүбүн эйигин —
                  Сахалыы мелодиянан
                             эйигин долгуталлар...
                  Сарсыардааҥҥы Мүрү алааска
                             күнүүлүүбүн эйигин —
                  Кистэлиҥ ырааһын
                             кинилэр билэллэр...
                  Таптал туһунан хоһооннорбор
                             күнүүлүүбүн эйигин —
                  Мин сүрэхпинээҕэр кинилэр
                             эйиэхэҕэ истиҥнэр...

                   1978 с.,  Ефремов к.








                              80
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87