Page 72 - Саханы саха дэтэргэ
P. 72
уЬуен ини-бии Никифоровтар одолоро. Бу дьон уЬуен
Василий Васильевич Никифоров хаан аймахтара. Оной 3
xoHoho буоллубут. Никифоровтар диэн уЬуен сахалар
этэллэринии "киЬи анар эрэ ертулэриттэн керер дьонноро".
Саастара 40-50 саас иЬинэн быЬыылаада. Оччотооду уйэ§э
уерэхтэрэ, ейдере, маанылара, доруобайдара уЬуен бэйэ-
бэйэлэригэр майгыннаЬар курдуктара. Миитэрээс кэргэнэ
сурдээх асчыт, учугэй ийэ эбит. Остуолга кыЬыллыбыт
тон1 аЬылык-сылгы быара, хаЬата, куобах быара, тонмут
дьэдьэннээх хайах, буспут сылгы, ынах эттэрэ, хаЬалаах
буспут собо елгемнук тардылынна. Ону сэргэ аЬыы ас
эмиэ а§ыйа§а суох.
Ортолуу аЬаан иЬэн дьиэлээх хаЬаайын Миитэрээс -
Дмитрий Иванович: "Убайдарбар анаан мин биир ырыата
ыллыым эрэ", -- диэтэ. Онон сибээстээн Дмитрий Иванович
туЬунан бастатан суруйдахха, кини эдэригэр кып-кыЬыл
нууччалыы хааннаах, томтодор сирэйдээх, улахан
муруннаах, орто унуохтаах, толору эттээх-сииннээх,
хайдах эрэ атыыр андыны санатар киЬи этэ. Кэлин кини
республиками киэнник биллэр норуот ырыаЬыта буолбута.
Мин Культура министерствотыгар улэлии сырыттахпына,
маннык суруйан турар:
"Убаастабыллаах Василий Афанасьевич!
Мин, эйиэхэ, мин айымньыларбар болдомтолоохтук
сыЬыаннаЬарын иЬин улаханнык махтанабын, инникитин
да умнуо суо§а диэн эрэнэбин. Эйиигиттэн биир дойдулаа-
дым да буоларын быЬыытынан улахан кордеЬуулээхпин.
Мин Норуот айымньытын дьиэтигэр бэйэм айымньыларбын
хомуйан кыра содус кинигэ онорон киллэрдим. Ол
тахсарыгар кемелеЬерун буоллар.
1975 сыл, от ыйын 19 кунэ. Миитэрэй Никифоров".
Кырдьык, кинигэ издательствотыгар хаста да кэпсэтэн
кербутум. Ол теЬе кемелеспутун билбэппин, ол эрээри
Дмитрий Иванович "Сурэдим уеруутэ" диэн кинигэтэ
1976 сыл тахсыбыта.
70

