Page 56 - Босиков В.А. Сэттэ уон сыл сэһэннэрэ
P. 56

XX уйэ бастакы сылларыгар, революция буолуон
    эрэ иннинэ, Тэбиик нэйилиэгэр Луку диэн сиргэ Попов
    Алексей Владимирович диэн олохтоох орто баайынайтан
    тэреебут эдэр кийи куоратынан-тыанан сылдьан, эти-
    нэн, арыынан эргинэн бэркэ байбыт. Итини сэргэ кини
    олохсуйбут Луку диэн улуу алаайын олгем ото, беден'
    собото эмиэ тирэх буолтара. Кырдьадастар кэпсээннэ-
    ринэн, Алексей Владимирович Попов ортону урдунэн
    унуохтаах, кэрэ сэбэрэлээх, сахалыы улахан ырыайыт,
    кэпсээнньит, кэлбит-барбыт, чуор куоластаах, утуе
    санаалаах кийи этэ дииллэр. Кини эдэр саайыгар эмиэ
    бэйэтин нэйилиэгэр олохтоох Легуентэй диэн дьаданы
    кийи кыыйын Варвара Леонтьевнаны кэргэн ылбыт.
    Легуентэй одонньор элбэх тыллаах, кэпсээннээх, туту
    истибитин барытын кэпсии сылдьар кийи эбитэ уйу.
          Кутуетун дьоно Поповтар ханнык эрэ мэнээк кэп-
    сээбэт сонуннарын Легуентэйгэ тодо дьонно кэпсии
    сылдьадын диэбиттэригэр: "Кистиир суолгутун тодо
    миэхэ кэпсээбиккитий?" - диэн бэйэлэригэр теттеру
    баайсан кэбиспит. Онон туелбэ ыалларыгар: "Били
    Легуентэй одонньорго дылы инньэ диэ", - диэн этии
    баара.
          Луку диэн алаас маанылаах кырдалыгар 10x16 метр
    иэннээх, куустээх кийи ан-ар тэбетун кыайан кетехпет
    курдук беден- мастаах, ийигэр икки чуулааннаах нуучча
    дьиэтин бэрдин туттан кэбиспит. Ол дьиэни кэлин,
    сэрии эрэ иннинэ, олохтоох колхоз киинигэр аатырбыт
    Ампаардаах алааска кейерен, колхоз хонтуората оносту-
    буттара. Дьиэ оччотооду кийи санаатыгар олус улахан
    курдук этэ. Икки голландка, биир кемулуек ойодунан
    ититэллэрэ. Бийиги ийэбит колхоз хонтуоратын остуо-
    райа буолан, ол дьиэдэ хас да сыл олорбуппут. Дьиэ олох
    соторутаанна диэри ханан да хамнаабакка, эмэхтийбэк-
    кэ турбута, ону колхозтар беден-суйуулэрин садана,
    Дупсун бейуелэгэр кейербуттэрэ. Революция кыайыыта,

                                   54
   51   52   53   54   55   56   57   58   59   60   61