Page 6 - Н.В.Москвитин Хаан Дьаргыстай
P. 6
YTY0Q3, СЫРДЫККА УГУЙАР АЙЫМНЬЫ
Саха олонхотун сайыннарыыга туЬуламмыт Саха Респу-
бликатын президенин В.А.Штыров 2005 с. Ыйаадар олодуран,
быйыл сайын Уус-Алдан улууЬугар ыытыллыахтаах «Олонхо
ыЬыадын» тосхолугар сеп тубэЬиннэрэн, биЬиги биир дойду-
лаахпыт, II Легей нэЬилиэгин киэн туттар киЬитэ Иван Семе
нович Васильев (1912 - 1983 сс.) 1936 - 1937 сыллардаахха
I Бэрт-УуЬун нэЬилиэгин аатырбыт олонхоЬутун Николай Ва
сильевич Москвитин «Хаан Дьаргыстай» диэн олонхотун су-
рукка киллэрэн, Тыл уонна культура институтун архыыбыгар
туттаран, олбот уйэлээбитэ, тереебут норуотугар бэйэтин боч-
чумнаах кылаатын киллэрбитэ.
Иван Семенович суруйарынан, Н.В.Москвитин барыта 22
олон’холоох уонна элоэх ырыалардаах эбит, ону кини, биЬиги
дьолбутугар, 93 саастаах аарыма кырдьадастан «Хаан Дьаргыс-
тай» олон'хотун сурукка киллэрбитэ ураты кэрэхсэбиллээх.
Быйылгы уеруулээх, урдук таЬымнаах дьайаллары корсе
II Легей нэЬилиэгин бары олохтоохторо биир санаанан турунан
«Хаан Дьаргыстай» олон’хону одолорго, ыччаттарга уонна ула-
хан дьон'Н'О анаан ус тус-туспа беледунэн сценада туруоран (са-
лайааччылар М.В.Неустроева, К.М.Петухова, А.А.Находкин) бу
олон’хону дьон-сэргэ керуутугэр таЬаарабыт уонна уйэтитиигэ
улэлиибит.
Тугэнинэн туЬанан, бу кинигэни бэлэмнээн таЬаарбыт кунду
киЬибитигэр, И.С.Васильев уолугар Ю.И.Васильевка-Дьар-
гыстайга ессе урдук ситиЬиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-
соргуну бадарабыт. «Хаан Дьаргыстай» олонхо бэчээттэнэн,
саха дьонун киэн эйгэтигэр тахсан, утуедэ, сырдыкка уонна
кэрэдэ угуйар-тардар айымньы буолуода диэн бигэтик эрэнэ-
бит.
Сахабыт олонхото, норуоппут киэн туттуута, уйэлэргэ туру-
гура туруохтун!
А.Д. Сгорожев,
II Легей нэЬилиэгин
дьаЬалтатын баЬылыга.
4

