Page 187 - 2-с Легей нэьилиэгэ
P. 187
________________________________________________ УУС АЛДАН УЛУУЬА
Кириллов Иван Петрович-Уста
(1909-1991)
Адам уонча саайыттан ыал улахан одото буолан от-мас, хабаайыстыба улэтигэр
миккиллэн улааппыта. Оччолорго оскуола диэн суода, 30-с сылларга буттуун на-
чальнай уерэхтээйинтгэ улахан дьон ликбезтэригэр уерэнэн, 5-с кылаайы бутэрбитэ.
Урукку Новгородов алфавитынан латыынскайдыы суруйар этэ.
Сэрии сылларыгар холкуос сыыппаратын толорон, хас да сыл хоту Булун оро-
йуонугар туус балык булдугар баран кэлбит. 1942—1943 сс. улахан сукка икки куел
икки ардыгар ферма улэйиттэрэ, одолоро хоргуйан елуехтэрин, адабыт Булунна
туус балыкка барарыгар Манан Атыырга баар кылыы сохсобутун барытын онорон,
иитэн, ийэбитин Мария Гаврильевнаны хайдах иитэргэ уерэтэн барбыт. Онон ийэ
бит куобах баар дьыла буолан дьонун куобадынан, уларынан айаппыт, бэл кыры-
наас, сологгдо иннэн олбутун сиэбиттэр. Кыйын тымныы буолан, хаар халыггаан
кыайан сохсолорун ииппэт буолбуттар, бэлэм эстибити эрэ кэлэн ылан бараллара
yhy. Ол кэмнэ фермада улэлээбит Е.И.Мигалкина-Бискээйин адабытыгар: «Эн куо-
бахха сохсолоох буоланнын, бийиги сукка тыыннаах хаалбыппыт», — диэн махта-
нарын истибитим.
Адабыт сэрии кэнниттэн Ааллаах Уунтгэ, Охотскайга тайадас тиэрдиитигэр аты
нан хаста да сылдьыбыта. Онно дьон адыс кырыылаахтара, чахчы тонору-хатары
кыайар кийи эрэ сылдьар сирдэрэ этэ. Ол сылдьан нууччалары кытта бииргэ улэлээн,
кыралаан кэпсэтэр буолан, син наадатын быйаарсара уйу. Ону, мин 1965 с. Ойомне
оттуу сылдьан экспедиция нууччаларын кытта кэпсэтэрин истэн найаа сойуйбутум.
«Здравствуй, дорогой!» — диэн хата кийин бэркэ кэпсэтэр этэ. Оччолорго мин 6
кылаайы бутэрбитим да, кини курдук сатаан нууччалаабат этим. Уелээннээхтэрэ
икки косилкайыт Васильев Гаврил Ананьевич, Дегтярев Афанасий Петрович баал-
лара, эмиэ нууччалыы билбэт этилэр.
Адам кыра эрдэдиттэн хара улэдэ эриллэн улаатан улэни кыайар-хотор, булчут
бэрдэ буола улааппыт. Адалара Буетур ус уолунуун, Хомустаах диэн алаастарын илии
хотуурунан 4 хонугунан отун охсон бутэрэллэрэ уйу. Кэбийиитин да тулуппат этибит
диирэ. Кини олох кыра эрдэдиттэн акка сыстыгас буолан, ханыл аттары айаайаан,
улэдэ туйаныыга бэлэмнээн, холкуойугар улахан еггелеех кийинэн буолар.
Егор Кириллов, уола
Копырин Василий Федотович
(1921-2008)
Байылай Туулээх нэйилиэгэр дьаданы ыалга тереебутэ. 16 саайыгар диэри ман
на олорбута. Кыра эрдэдинэ одо турбат ыала буолан, Копырин Федот диэн таайы-
гар иитиэххэ барбыта. Начаалынай кылаайы бутэрбит 11 саастаах уолу булка илдьэ
сылдьаннар, салгыы уерэммэтэх. 1938 сылтан 1950 с. диэри холкуос араас улэтигэр
сылдьыбыта.
1943 с. Улэ фронугар Чита куоракка ыытыллан, кирпииччэ собуотугар биир
сыл анаардас хаппыыста уутунан эрэ уссэнэн улэ бедену улэлии сылдьан, ыалдьан
инбэлиит буолан дойдутугар теннен кэлбитэ, улэлээбитэ. «Туругуруу» холкуоска
аггаардас хаалбыт ogo-дьахтар ахтыыларыгар: «Байылай Улэ фронуттан теннен кэ
лэн, доруобуйата кенен, булдунан, тайах да елерен нэйилиэк дьонугар уллэрэн,
барыбытын айатан олорбута», — диэн кэпсииллэрэ.
Бу кэмггэ, балык тууйуур биригээдэни тэрийэн, Алдан ерускэ хас да сыл бул-
таабыта. «Аччык дьонтго 1,5 миэтэрэ хальпгнаах ерус мууйун кейуу кытаанах улэ
этэ», — диирэ.
1950 с. Туулээх сиригэр суейу кыстата тиийсибит Кириллова Александра Пет-
ровналыын билсэннэр ыал буолан, Улахан Алаайынан, Мурулэнэн суейу керен
олорбуттар. «Билии» ферматыгар улэдэ киирэннэр, оччотооду холкуостаахтарга дьиэ
Ада дойду Улуу сэриитин сылларыгар 185

