Page 28 - Поэзия күнэ
P. 28
Дьэ эбэтээ
Дьэрэкээннээх толоонунан
Д|,эр! этэ көтүтүүм,
Дьэтн-дьэги да көрсүүм,
Дьэбэрэни да кэстэриим,
Д|.иэрэҥкэй үҥкүүнэн
Дьибдитэн, дибитэн
Дьнҥнээх суолбун булуум.
Элэҥнии сүүрэр
Эрнэккэс кулуммунуун,
Эстэрии тааһы
Эмти үктэгэн,
Элиэнэ өрүһү
Эҥэрин кэрийэн,
Эниэни, сыыры түһэн
Эрьээйилээх суолбар киириим!
Силлиэлэдх, холоруктаах
Сэргэх кулуммунуун,
Симилэҕи силдйэн,
Сири-сибиири
Сиксигин тутан,
Снрим дьонугар
Симэх, оһуор кууһан
Сиэллэрэн иһиим!

