Page 32 - Поэзия күнэ
P. 32
СЕМЕН ДАНИЛОВ
Күһүҥҥү
Хатыҥы таппакка, күөл уутун тыыппакка,
Холуе тыал тумулу эргийдэ...
Самолет дьулуйда ньалыка бйлыкка,
Саҕахха кус үөрэ тимирдз.
Туус ма^ан борокуот улахан үөһүнэн
Тус-хоту кылбайа уһунна,
Амарах күн арай бытааран көһүннэ
Күһүҥҥү көмүһүн аһына.
Оскуола суолунан субуһан эрэллэр
Оонньууру умнубат оҕолор.
Оттон оол дьиэлэргэ эбэлэр, эһэлэр
Сиэннэрин оонньуурун мунньаллар.
Бадалаах ханна да, о, бардын баҕардар
Тохтуоҕун баҕалаах тохтуохтун...
Оттон мин билигин олустук баҕардым
Эн чэрдээх илиигин тутуохпун.

