Page 7 - Поэзия күнэ
P. 7
Саха сирин сааскыта
Күннээх, итии сирдэртэн
Көтөр бииһэ күрэнэн,
Тоҥон-хатан, хоргуйан,
Комүс уйа туттаары,
Туундара сирин туһаайан,
Кетөн кээлтин кытары,
Күндүл халлаан күөнүгэр
Күммүт өрө күөрэйдэ,
Күөх саас Сахам сиригэр
Көрү-нары тэрийдэ.
Үс ый түүннэр аастылар,
Үрүҥ түүннэр буоллулар.
Үрүҥ көмүс былыттар
Халлаан өҥүн саптылар.
Көмүөл эстэр күүрээнэ,
Күөрэгэйбит ырыата,
Кэҕэ этэр кэпсээнэ,
Күөх мутукча мүөт сыта,—
Ити дьикти барыта —
Сахам сирин сааскыта.
Трактор тыаһыыр этиҥнии,
Сири тиэрэн баччалыыр,
Кирпииччэнэн кэккэлии
Дьиэбит күҥҥэ чугаһыыр.
5

