Page 9 - Поэзия күнэ
P. 9

СЕРГЕЙ  ВАСИЛЬЕВ

                    Барыта  оҕолор  иһин

                 Сайылык  саҕатынан,  алаас  тыатынан
                 Саҥа-иҥэ  чугдаарбат  буоллаҕына,
                 Самаан  сайын  кэлбэтин  даҕаны.

                 Кыра  оҕо  атаҕын  суолунан
                 Кыраһа  кырса  ойууламмат  буоллаҕына,
                 Кырпай  хаар  туспэтин  даҕаны.
                 Оһох  иннинэн,  остуол  аттынан
                 Оҕо  төбөтө  кукээрийбэт  буоллаҕына,
                 Унаар  буруо  субуйбатын  даҕаны.
                 Оҕо —
                    Өлбөөдуйбэт  уруҥ  кун,
                    Өлбөт-суппэт  уһун  уйэ.

                 Оҕо —
                    Салыйбат  итии  таптал,
                    Саппабырбат  сандал  саас
                 О50  иннэ  диэн
                 Ийэ  эмиийин  ыанньытар,
                 050  туһа  диэн
                 Аҕа  тилэҕин  элэтэр.
                 О50  дьолугар
                 Хайалары  хайа  силэйэн,
                 Ханааллары  суурдэбит,
                               7
   4   5   6   7   8   9   10   11   12   13   14