Page 22 - Дьоруой уолаттарбыт
P. 22

ра. Дьиэлэрэ тыаттан чугас буолан, сайынын мо5отойдууллара,

       «ыстаап» диэн ааттаан отуу тутталлара, сир астыыллара. Биирдэ
       оскуола^а анаан хас биирдии 050 биэстии киилэ отону а5ала5ыт
       диэн буолбута. ХаИыа даманы буолан отоннуу бараары онгосту-
       буттара.
            — Ханна барабыт? — атаИа Киэсэ ыйыппыта.
            — Тиит Арыы диэки барыахха, — диэбитэ Алёша.
            Инньэ гынан Уолбут диэн сиргэ барбыттара. Урут саИыл
       ииппит сирдэригэр тиийэн тыа5а тахсан отоннообуттара. Отон

       баЬаам этэ, биэстии киилэлээх иИиттэрин сотору толорбуттара.
       Урэх халдьаайытыгар киирэн сынньана олорбуттара. бйуелэрин
       сиэбиттэрэ. Бала5ан ыйынаа5ы ча5ылхай кун урэхтэрэ ыраахха
       диэри нэлэЬийэн костере. Урэх сунньун батыИа ууммут хойуу
       будьуруспут уеттэр, хатыьгнар хагдарыйан эрэр сэбирдэхтэрэ уон
       араас екненен кестеллере. Онно ханнык ек суо5ай: от куе5Э,
       сып-сырдык саИархай, кытархай, соро5о киИи тылынан сатаан

       эппэт араас енгнерунэн ким эрэ бэркэ кичэйэн кырааскалаан кэ-
       биспитин курдук хара5ы манньытара. Оол-ол Билир диэкиттэн
       биир массыына айан суолун устун быылы ерукутэн Тиит Арыы
       диэки ааИан эрэрэ. Алёша ону керен:
            — Мин Тиит Арыыны кере иликпин ээ, — диэбитэ.
           До5отторо эмиэ:
            — БиИиги эмиэ кере иликпит, — дэспиттэрэ.
            — Баран керен кэлиэ^ин', — диэбитэ Алёша.

            — Кырдьык да5аны, барыахха, — атыттар ойон турбуттара.
            Хомуна охсон урэх уьгуор тахсардыы суурэр-хаамар икки ар-
       дынан тиэтэйэ-саарайа бара турбуттара. Сорох дьыл саас халаан-
       наан икки хара тыатынан уунан килэйэр Танда урэ5э билигин
       уолан, сорох сиринэн киИи таах ыстанан тахсар буолан турара.
       Онон туох да эрэйэ суох урэ5и туораан, айан суолунан хоту диэки
   17   18   19   20   21   22   23   24   25   26   27