Page 11 - Николай Кривошапкин. Алгыһынан арчыламмыт аартык
P. 11

сааспар  диэри  араас көлуөнэ  дьон  дьылҕатын.  сэҥээрэбин.
          Онуоха  анаан-минээн  сыал  да  туруорумматарбын,  хас
          биирдии  киһи туһуулээх-тахсыылаах дъылҕатын  сурэҕим-
          быарым  курдат  аһаран,  ардыгар  төһө  да  ситэ-хото  илик
          өйбунэн  буоллар,  илгэлээх  ийэ тылым  көмөтунэн  дьоммор-
          сэргэбэр тиэрдэртэн салгыбаппын. Эдэр-эмэн, кыра-улахан,
          биллэр-биллибэт,  ыраах-чугас  дьоруойдарым  килбиэн  кыа-
          йыыларынан,  улускэн  уөруулэринэн,  дьолуолаах  дъоллору-
          нан  олохпун киэркэтэбин,  тупсарабын.
             Оннук истиҥник, кундуркэтэ саныыр дьоммуттан  биир-
          дэстэрэ — өруутун олох килбэйэр киинигэр сылдьар Филипп
          Пестряков аман алгыһынан арчыламмыт аартыгын арыйан
          эрэр киһиэхэ,  Эйиэхэ,  эһиэкэйдээх эҕэрдэ,  дорҕоонноох нө-
          руөн-нөргуй уонна муҥура  суох махтал буолуохтун!
   6   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16