Page 15 - Николай Кривошапкин. Алгыһынан арчыламмыт аартык
P. 15
11 АЛГЫҺЫНАН АРЧЫЛАММЫТ ААРТЫК
одох, биир күн иһин, тоһо да ыар баттыктар, эҥинэ
муор-туор моһоллор тэмтэритэ сатааталлар, ону си-
лэйэн иһэр, хаһан да саарыыр диэни билиммэт эрдьи-
гэннэрбитин, кэрэ аҥаардарбытын! Олохторугар дьиҥ
Айыы Хотун, Аҕа Баһылык, олохторун чахчы таптыыр
туруу дьон диэн, дьэ, кинилэр.
Оннук дьон кэккэтигэр туох да саарбахтааһына
суох Филипп Пестрякову киллэрэбин. «Филипп Пет
рович олоҕо — айдарыы» дэтэр анала туохханый?
Ханнык уу нуһараҥ тулалаах, эйэҕэс майгылаах, ама-
рах сүрэхтээх дьон сылаас сыламыгар биһиктэнэн
борбуйун котохпүтэ буолуой ?
Маныаха тоҕоостоох хоруйу булар инниттэн Саха-
быт сирин уһаты-туора сыыйыах, Филипп Петрович
обүгэлэрин олбоорбот, олбоодүйбэт омоон суолугар үк-
тэниэх, быыллыйбыт былыргыга тиийиэх, олох күнүн-
дьылын кэрдииһинньигин батыһыах. Ааспыты аанньа
ахтыбат киһи силиһэ суох үүнээйи кэриэтэ, төроп-
пүттэрэ суох тулаайах киһиэхэ холоонноох буолбаат...
...Саха омук тордө буолбут Омоҕой Баай, Эллэй
Боотур, Улуу Хоро сиэннэрэ Бороҕон Дьуоттуттан,
Сүрдээх Дүпсүнтэн ууһаан-тэнийэн, уутуйан үоскээ-
бит Бахсыгыр Баатыр, Лөгой Тойон, Өспох Тойон
удьуордара, Сэһэн Ардьакыаптан ситимнээх, Куду
Курбуһахтан хааннаах, Бэрт Ууһуттан торүттээх, саха
тыллаах, урааҥхай сирэйдээх уус алдаттар Сахабыт
сирин илин эҥээригэр аҥаат-муҥаат аарыма алааста-
рынан арҕам-тарҕам тарҕанан алаһа дьиэ-уот, нус-ба-
раан тэринэн, торҕо буруо унаардыбыттара, ыраахтан-
чугастан аймах-билэ, тоҕой-сэлэ дьону үмүрү тардан,
тоҕуорутан олох үоһүгэр үмүорүспүттэрэ...

