Page 165 - Ульяна Винокурова. Е. П. Жирков Сайдыы суолун солоон...
P. 165

Төрүт сиргэ уйгуну тустээн

      ханнык  да  уокуруктары,  зоналары  тэрийэр  наадатын
      көрбөппүн.
          -  Оттон олохтоох бэйэни салайыныы туһунан...
          -  Араас  этии  баар.  Конституцияҕа  чуолкайа  суох
      балаһыанньалары көннөрүөххэ дииллэр.  Е.С.Никитина
      ыстатыйатыгар  олохтоох  дьаһалта  баһылыга  бэрэстэ-
      биитэллээх былаас органын салайарын Конституцияҕа
      суох  оҥоруохха  диэн  этэр.  Билигин  кинилэр  улуус
      Мунньаҕын  баһылык  быыбарын  туһунан  Президент
      туһааннаах  Ыйааҕынан  сибээстээн  салайа  олороллор.
      Конституцияҕа  оннук  балаһыанньа  суох,  улуус  Мун-
      ньаҕа  туспа  председателлээх,  баһылык  туспа  буолуон
      сөп,  ону Төрүт сокуон утарбат.  Баһылык депутат буол-
      лаҕына,  бэрэстэбиитэллээх  органы  бииргэ  салайыан
      сөп  диэн  эрэ  этиллэр.  Хайаан  да  салайыахтаах  диэн
      Конституцияҕа суох.
          -  Олохтоох  бэйэни  салайыныыни  государствоттан
      араарыахха дииллэр.  Бу сөп  дуо?
          -  Принципиальнай боппуруос.  Конституция ылыл-
      ларыгар  элбэх  кэпсэтиини  таһаарбыт  балаһыанньа.
      Улуус  таһымыгар  былаас  органнарын  бэйэни  салайы-
      ныыга  киллэрэн,  государствоттан  араарыахха дуу,  суох
      дуу диэн  боппуруос турбута.  Былаас  органнарын  улуус
      таһымыгар  государствоттан  араарарга  Үрдүкү  Сэбиэт
      да,  салалта да, депутаттар  үгүстэрэ да сүбэлэспиттэрэ.
          Россия  холобурунан  барбыппыт  буоллар,  ол
      кыаллыа суох этэ.  Холобур,  билигин  Москваны земст-
      во  салайдын,  үбүлээтин  диэн  туруорсаллар.  Оҥорон
      таһаарбыт  дохуоттарыгар  олордуннар  диэн.  Биһиги
      олохтоох  салайыыны  нэһилиэк  уонна  бөһүөлэк  таһы-
      мыгар киллэриэххэ диэн идеяҕа тохтоон турабыт.
          Россия  Конституциятыгар  государство  экономиче-
      скай төрүттэригэр ханнык да балаһыанньа суох.  Оттон
      биһиэхэ  анал  салаа  баар.  Ол  сөп диибин.  Государство

                                  153
   160   161   162   163   164   165   166   167   168   169   170