Page 26 - Ульяна Винокурова. Е. П. Жирков Сайдыы суолун солоон...
P. 26
I түһумэх. Көнөр көҥүлү көрдөөн
та ураты сыһыаннаах, автономнай быраабынан ту-
һанан экономикатын, культуратын сайыннарар тус
эбээһинэстээх уонна эппиэтинэстээх буолуохтаах диэн
туруорсаллара. Ол туһуттан анал сөбүлэһиилэр баар
буолуохтаахтар диэн өйдүбүллээхтэрэ.
Ол эрээри автономия кыаҕын чуолкайдык ыйыы-
кэрдии кыаллыбатах буолан, Саха республикатын кон-
ституцията государство быһыытынан сайдыыны хаач-
чыйар кыаҕа суоҕа. Үөрэхтээх саха интеллигеннэрэ ону
өйдөөн, түмсэн, республика статуһун уларытыыны ту-
руорса сылдьан, “партия конфедералистов” диэн бу-
руйданан, суорума суолламмыттара.
Онтон ыла Саха автономиятын салайыы киин са-
лалта түһэрбит бэлэм докумуоннарын илдьиритии, ха-
нан эмэ чуолкайдааһын эрэ көрүҥүнэн 70 сыл устата
халбаҥнаабакка баран испитэ.
* * *
История силлиэтэ эмиэ сирилээн, өрө-таҥнары
өрүкүтэн, сахалар дьылҕаларын хайа сатанарынан
быһаарар, сыыһа-халты туттубат, тоҕоостоох түгэни
мүччү туппат былдьаһыктаах күннэрэ, эмиэ түөрэх тү-
һэр кэмэ кэлбитэ. Бу кэм хатыылаах кыл көнтөһүн
Егор Петрович Жирковка туттарбыттара.
Ол кэмҥэ Егор Петрович советскай-партийнай
номенклатура халыыбыгар хаайтарбатах, чэгиэн-чэб-
дик аныгылыы өйдөөх, ыраас ыралаах, 36 саастаах тур-
бут-олорбут ыччат киһи этэ. Национальнай оскуола
сайдар концепциятын айан оҥорбут, олоххо киллэрэр
сонун суоллаах-иистээх салайааччы быһыытынан
дьоҥҥо-норуокка биһирэммитэ. Мүччүргэннээх кэм-
ҥэ куттанан-чаҕыйан турбат, государственнай суолта-
лаах докумуону бэлэмнииргэ үөрүйэх, тэрийэр-түмэр
дьоҕурдаах, саҥалыы көрүүлээх, айымньылаахтык үлэ-
лиир кадр быһыытынан бэйэтин билиннэрбитэ.
22

