Саныыбын
Мин маннык -
Олох мээнэ бэриллибэт,
Суолтата суох анаммат,
Күн анныгар күөрэйбит
Суола суох буолбат.
Оттон
киһи кимий,
кини тугуй
диэн
Толкуйдаан көрдөххө,
Тобулбут санаабын
Түмүктээн эттэххэ
Киһи айылгыта
уот-төлөн,
Киһи ырата
үөрүү-үүнүү,
Киһи анала
олоҕу тутуу