Эдэр киһи
Өйдөө,
Кэм кэллэ,
Модун санаа,
Өрөгөй өй
Күүрэр күнэ.
Тууйуллубуту тохтот,
Санааҕын ыраастаа,
Эрэммэти көҕүрэт,
Сайдары санаа,
Кэннигэр хаалар
Суолгун сыаналаа,
Олоҕу хамсатар
Аналгын анаардаа.
Ыччат дьон,
Истиҥ,
Эһиэхэ этэбин.
Бу билиҥҥи,
Көҥүл тыыннаах кэмҥэ,
Сайдыы суоллаах олоххо