Page 268 - Кун кууьар хайатыттан
P. 268

таҕа, отгон бу уол букатын үүнэ-тэһиинэ суох барда. Саатар,
               кими да аанньа ахтыбат!
                                    Дженишбек тахсар.
                  Арааһа, ким да буойбатах оҕото быһыылаах. Кини мии-
               гин өссө билэ илик. Чэ бээ, тоойуом, мин эһиэхэ көрдөрүөм!
               Чаачыгыратарым буолуо! Көрүлээн эриҥ... (Тула көрөр, мэлээ-
               риҥниир.) Бэйи, мин туту көрдүү сырыттым этэй? Ити үөн кэ-
               лэн умуннаран кэбистэҕин кер. Туту көрдөөтүм этэй? (Хоско
               киирэр.)
                              Б о ш к о й уонна 3 у у р а киирэллэр.
                  Б о ш к о й. Билигин мин эйиэхэ туту эрэ көрдөрүөм. (Суу-
               лааҕы арыйан, Зуураҕа былаачыйа биэрэр.) Кэтэн кор эрэ...
               Үчүгэй дуо?
                  3 у у р а. Эн куоракка баран кэллиҥ дуо?
                  Б о ш к о й. Куоракка, кирпииччэ тиэйэн кэллибит, отгон
               бу — Дженишбеккэ (бартыбыал уунар.)
                  Зуура (тохтуу түһэн баран, аргыый). Махтал, эйиэхэ...
               Кинини эмиэ умнубатаххын... Мин маны умнуом суоҕа...
               (Уйадыйар.)
                  Б о ш к о й. Эн туох буоллуҥ? Кэпсээ миэхэ.
                  Зуура (хараҕын уута суурэ туран, кулбутэ буолар). Ээ
               таах, бэйэм... Кыһаныма... Эн билигин бардыҥ дуо?
                  Б о in к о й. Суох, барбаппын. Үлэ күнэ бүттэ. Дьиэбэр
               олоруом.
                  Зуура. Оччоҕуна мин балыыһаҕа баран кэлиэм. Быраас
               бара илигинэ кумааҕы илдьэн биэриэм этэ. Эн бу сылабаары
               көрөөр эрэ, соп дуо?
                  Б о ш к о й. Соп, чэ бар.
                  О н о л к а н (киирэр). Суох, сэгэртэйиэм, тохтоо!
                  Зуура. Ийээ, мин сибилигин...
                  О н о л к а н. Тохтоо диэтим! Эн аны бэйэҥ оннугар эргин
               күөсчүт оҥорорун хаалбыт дии! Сүрдээх дьахтаргын! Эргин
               дьаһайар эн туоххунуй? (Уолугар.) Оттон эн, дьиэ тойоно аат-
               таах киһи, бу туту корен олороҕун? Ээ, эр киһи буолаахтааҥ-
               ҥын!
                  Б о ш к о й. Чэ-чэ, ийээ, бүт... Тугун баҕайытай. Зуура ба-
               лыыһаҕа наадаҕа барар дии.
               266
   263   264   265   266   267   268   269   270   271   272   273