Page 269 - Кун кууьар хайатыттан
P. 269
О н о л к а н. «Наадаҕа» буолан... Эн мин төбөбүн сынньы-
ма! (Бартыбыалы корор.) Бай да, доҕор! Өссө суумка ылбыт.
Миигин оскуолаҕа ыытаары гынныҥ дуо?
Б о ш к о й. Ийээ, ити уол туту мэһэйдиирий?
О н о л к а н. Инньэ диир буоллаххына, уулусса оҕотун ба-
рытын ыҥыран дьиэҕэр олорт ээ. Чэ бар, ыҥыртаа!
Б о ш к о й. Togo инньэ диигин, ийээ? Дьон иһиттэҕинэ
саакка барыахпыт.
О н о л к а н. Лахсыйыма!
Б о ш к о й. Бүттүм, бүттүм, ийээ, саҥарбаппын.
О н о л к а н. Дьэ ити киһи быһыыта. Эн миигин иһит,
мин тылбыттан тахсыма да бүтэр.
Б о ш к о й. Оттон, ийээ, биһиги эн туту эппиккинэн сыл-
дьабыт дии...
О н о л к а н. Дьэ суох! Ойоххор тэпсилгэн буола сыл-
дьаҕын. Бу сааты-сууту! Эр киһи ааттаах. (Зуураҕа.) Оттон эн,
кийиит, наһаалаама эрэ! Дьахтар диэн дьахтар буолуохтаах.
Киһилии сырыт.
3 у у р а. Мин туох буруйдаахпыный? Биирдэ да эйигин
утары саҥара иликпин, эн төһө да миигин хатыылаах тыл-
гынан хаарыйбытыҥ иһин.
О н о л к а н (уолугар). Көрдүҥ дуо? Хотунун кытта хай
дах кэпсэтэрин? Ити эн буруйуҥ! Наһаа атаахтаппыккын.
Киһилии дьахтар этиттэрбэккэ, бэйэтэ санаатыттан үлэлии
сылдьар баҕайыта. Оттон бу хотун, саатар, эрин бинсээгин
ыраастыыр санаата суох.
Б о ш к о й (суокканы харбаан ылар). Мин бэйэм, билигин...
Онолкан (үптүктэр). «Бэйэм, бэйэм...» Оччоҕо туох
иһин ойох ылаҕын? (Зуураҕа.) Дьэ эрэ, сэгэриэм, суокканы ыл
уонна бинсээги ыраастаа! Ити эн үлэҥ, эбээһинэһиҥ. (Зуура
хотунун диэки сөбүлээбэтэхтик корор, суокканы, бинсээги ылан
maxcap.) Эн атын дьоҥҥо уонна миэхэ сымнаҕастык сыһыан-
наһыахтааххын, ойоххун буоллаҕына кытаанахтык тутуохтаах-
хын. Сааппат ээ! Дьахтарыҥ бэйэҕин көлүйэрэ чугаһаабыт.
Истэҕин дуо мин этэрбин?
Б о ш к о й. Истэн, дьүлэй буола иликпин.
Онолкан. Чэ, итинэн бүтэр. Өйдөө, мин эйигин төрөп-
пүтүм, эйиэхэ үтүөнү эрэ баҕарабын. Бэйэтин дьоһуннук тут-
267

