Page 71 - Кун кууьар хайатыттан
P. 71

Харахтарбар сүппэттик
                           хаалан хаалбыт иирбит тыал,
                     Ийэм хараҕын уута
                           буолан ааспат аһыы тыал...
                     Өйдөөн кэлэ турабын
                     Тыыннаах тулаайаҕа кэммин,
                     Тыал саба үрбүт чүмэчибин,
                     Тыал илдьэ барбыт аҕабын.
                     Өйдөөх эрэ эн кэлэргин түстүү,
                     Биһиккэ сытааччы туһугар ибирдии,
                     Эйигин дьулайа күүтэбин.
                     Оттон эн итирик иһэҕин!



                                ГУЛЬСЮН

                     «Эрэ суох төрөттө!» —
                     Хобугунаһаллар.
                     Кэнниттэн этэллэр,
                     Кэнниттэн сиилииллэр,
                     Сибигинэһэллэр:
                     «Эрэйи көрбүт Гульсюн!
                     Муну кэппит Гульсюн!»
                     Гульсюн, эн, дьиҥэ, ньургун кыыс
                                                  буолаҕын.
                     Санааҕар тутума.
                     Эн курдук дьылҕалаах — аан дойду аҥаара.
                     Буруйа суох туохха да
                     Аньыыта суох 050.

                     Гульсюн, мичээрдээ,
                     Эн ийэ буолбуккун бу күҥҥэ.
                     Дьол диэни билбэттэр сипсиһэн эрдиннэр,
                     Оттон эн саас курдук мичээрдээ.
                     Эн ийэ буоллаҕыҥ, ол иһин
                     Кимтэн да куттаныа суохтааххын.
                                                                 69
   66   67   68   69   70   71   72   73   74   75   76