Page 110 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 110

Курбуһахтар дойду көллускэлигэр



                                 ЛАЗАРЕВ ИВАН МИХАЙЛОВИЧ
                                               (1908-1942)

                                          1908 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Дириҥ
                                       алаас илин баһыгар Михаил Романович уонна Ма­
                                      трена Васильевна Лазаревтар дьиэ кэргэннэригэр
                                      төрөөбүт. Аҕата Чынай Мэхээлэ сүрдээх күүстээх
                                      уонна кытыгырас киһи эбит. Кэргэнэ Күөттүк Бур-
                                       нашевтар кыыстара. Кинилэр икки кыыс, ус уол
                                      оҕолоохторо.
                                          Улахан уол Иван 1942 сыл от ыйын 12 кунугэр
                                       Чурапчы оройуонун байыаннай комиссариатынан
                                       ыҥырыллан сэриигэ барбыт. Сэрии толоонугар ох-
                                      тубут, көмүллүбүт сирэ биллибэт.
                  Төрөппүт уолаттара Василий Иванович, Михаил Иванович Лазаревтар
               Уус Күөлүгэр олорбуттара. Иван Михайлович олоҕун сиэннэрэ, хос сиэн-
               нэрэ салгыыллар.

                    Уоттаах сэрии сылларыгар / Уус Алдан улууһун дьаһалтата,— Бороҕон, 1995.—
                    С. 43.



                               ЛАЗАРЕВ КОНДРАТИЙ ИВАНОВИЧ
                                               (1908-1979)

                                          1908 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Дэлэки
                                       алааска Иван Николаевич уонна Екатерина Дани­
                                      ловна Лазаревтар дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон
                                      төрөөбүт.
                                          1929 сыллаахха «Нүөдүрүкү» артыал тэриллэн,
                                      онно чилиэнинэн киирбит, ликбезкэ үөрэнэн көҥүл
                                       ааҕар, суруйар буолбут.
                                          1932 сыллаахха «Кыһыл хардыы» холкуос тэ-
                                       риллибит, онно биригэдьииринэн талыллыбыт.
                                       1937 сыллаахха бөһүөлэктээһин саҕаланан, Ат Ту-
                                       йаҕар кулууп, дьааһыла, үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ
               тутуллубут. Манна Кондратий Иванович ферма сэбиэдиссэйинэн анаммыт.
                  1940 сыллаахха ССКП кэккэтигэр киирбит уонна бу сыл дьону кыт-
               та уопсай тылы булар, дьоҥҥо тылын ылыннарар салайар дьоҕурдаах
               108
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115