Page 181 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 181
Ким да уммуллубат, туох. да уммуллубат!
КЫАИЫЫ!
ПУХОВ МИХАИЛ МИХАЙЛОВИЧ
(1906-1942)
1906 сыллахха I Курбуһах нэһилиэгэр Дьаарыҥҥа
Михаил Андреевич уонна Матрена Афанасьевна Пу-
ховтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Кинилэр Аҕа
дойду сэриитигэр ус уолларын Михаилы, Николайы,
Иваны уонна икки сиэннэрин Гаврилы, Романы атаар-
быттара.
Сэрии иннинэ «Коммунизм» холкуоска биригэ-
дьииринэн, ферма сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаах-
тык үлэлээбит.
1941 сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр Чурапчы оро-
йуонун байыаннай комиссариатынан ынырыллан сэ-
риигэ барбыт. 1942 сыл сэтинньи ыйыгар кэргэнигэр Пухова Елена Петров-
наҕа сураҕа суох сүттэ диэн биллэрии кэлбит.
Михаил Михайлович төрөппүт соҕотох кыыһа Жиркова (Пухова) Ма
рия Михайловна бочуоттаах сынньалаҥҥа Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр олорор, Ге
рой ийэ. Саха хорсун буойуна ситэ олорботох олоҕун сиэннэрэ, хос сиэн-
нэрэ салгыыллар.
Захарова, М. Дьаарыҥтан дойду көмүскэлигэр / Мария Захарова Ц Мүрү саһар-
ҕата.— 2020.— Атырдьах ыйын 14 к,— С. 9.
ПУХОВ МИХАИЛ НИКОЛАЕВИЧ
(1918-1943)
1918 сыллаахха I Курбуһах нэһилиэгэр Дьаарыҥҥа төрөөбүт. Ийэтэ
Прядезникова Екатерина Ильинична холкуос бастыҥ ыанньыксыта, «1941 —
1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн
аан бастакынан наҕараадаламмыт.
Михаил сэрии иннинэ «Коммунизм» холкуоска үлэлээбит. 1941 сыл
лаахха Чурапчы оройуонун байыаннай комиссариатынан ынырыллан сэ-
риигэ барбыт. «Өйдөбүнньүк» кинигэ 3-с томун 257 страницатыгар сурул-
лубутунан, Михаил Николаевич 1942 сыллаахха сэрии толоонугар охтубут,
көмүллүбүт сирэ биллибэт.
«Норуот өйдөбүнньүгэ» сайт архыып докумуоннарыгар олоҕуран Пу
хов Михаил Николаевич 4 гвардейскай мотострелковай биригээдэҕэ стре-
163

