Page 89 - Курбуьахтар А5а дойду кемускэлигэр
P. 89
Ким да улшуллубат, туох. да улшуллубат!
КЫАЙЫЫ!
Тас Монголияҕа Боем Түмэн куорат таһыгар фроҥҥа атаарыллар сылгыла-
ры көрөр-харайар конзаводка сулууспалаабыт.
1946 сыллаахха дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбит уонна эйэлээх
олоҕу чөлүгэр түһэриигэ биир дойдулаахтарын кытта күүһүн харыстаабак-
ка үлэлээн барбыт. Холкуос, онтон сопхуос араас үлэтигэр таһаарыылаах-
тык үлэлээн, үлэ ударнига буолбут.
1947 сыллаахха «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэн-
нээх үлэтин иһин» мэтээлинэн, 1971 сыллаахха «Коммунистическай үлэ
ударнига» бэлиэнэн, Кыайыы үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн, оройуон, өрөс-
пүүбүлүкэ салалталарыттан бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыт.
Өлтөхтөн төрүттээх Ульяна Семеновна Андросовалыын олохторун хол-
боон, 4 кыыс, 1 уол оҕоломмуттар. Билигин сэрии, үлэ ветеранын олоҕун
оҕолоро, элбэх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
1976 сыллаахха ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыт.
Иккис Курбуһах Сталин холкуоһа Кыайыы туһугар.— Дьокуускай, 2007. — С. 44.
Тыылга Кыайыыны уһансыбыт курбуһахтар / «Курбуһах нэһилиэгэ» муницип.
тэриллии дьаһалтата; Н. С. Пестряков аатынан Уус Күөлүнээҕи модель, б-ка,—
Дьокуускай, 2020. — С. 152.
ЕРМОЛАЕВ ЕГОР АНДРЕЕВИЧ
(1921-1942)
1921 сыллаахха II Курбуһах нэһилиэгэр Андрей Тихонович Ермолаев
дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. 4 кылаастаах үөрэхтээх.
Бастаан «Дулҕалаах», кэлин Сталин аатынан холкуостарга араас үлэҕэ
үлэлээбит. 1941 сыллаахха Чурапчы оройуонун байыаннай комиссариа-
тынан ыҥырыллан сэриигэ барбыт.
1942 сыл тохсунньу ыйга сэрии толоонугар охтубут. Көмүллүбүт сирэ
биллибэт.
Иккис Курбуһах Сталин холкуоһа Кыайыы туһугар. — Дьокуускай, 2007. — С. 22.
87

