Page 12 - Чаран беьуелэгин киин уулуссатын олохтоохторо
P. 12

Бөһүөлэкпит киин уулуссатыгар
                     араас кэмҥэ үлэһит үтүөтэ дьон
                             олорон ааспыттара

               1933-1934 сс. Алдан промышленноһа сайдыытыгар
            үлэлээбит бастакы косаровецтар:
               - Бурцев Гаврил Васильевич
               - Свинобоев Семен Егорович

                      Аҕа ДойДу Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ

               -  Ноговицын Иван Христофорович (1911-1978). Ар-
            ҕааҥҥы фронт кыттыылааҕа, 2-с группалаах сэрии инва­
            лида буолан 1942 с. дойдутугар эргиллэн, колхозка сүөһү
            иитиитигэр, хонуу үлэтигэр үлэлээбитэ.
               -  Егоров Прокопий Прокопьевич (1911-1978). Арҕааҥ-
            ҥы фронт кыттыылааҕа. 1944 с. дойдутугар эргиллэн,
            нэһилиэк сэбиэтин сэкирэтээринэн, ферма сэбиэдиссэ-
            йинэн, колхозка тутуу үлэтигэр үлэлээбитэ.
               -  Тролуков Василий Акимович (1912-1978). Арҕааҥҥы
            фронт кыттыылааҕа. 1945 сыллаахха дойдутугар эргил­
            лэн, колхозка биригэдьииринэн, кэлин кыладыапсыгы-
            нан үлэлээбитэ.
               - Крылов Митрофан Прокопьевич (1926-1997). Илиҥҥи
            фронт кыттыылааҕа. 1945 сыллаахха армияҕа ыҥырыл-
            лар. 1950 сыллаахха дойдутугар эргиллэр. МТС-ка 42 сыл
            устата суоппарынан, завгарынан, ремсыах начальни-
            гынан үлэлээбитэ.

                         Аҕа Дойду Улуу сэриитин кэмигэр
                          үлэ фронугар кыттыбыттар

               1.  Аммосова Софья Петровна (1913-1994). Хачыкаат -
            Томмот массыына суолун тутуутугар үлэлээбитэ.
               2. Бурцев Семен Николаевич (1916-1997). Хабаровскай
            - Новосибирскай тимир суолугар 1942-1943 сс. үлэлээ-
            битэ.
               3. Бурцев Семен Степанович (1916-1983). Үлэ фронугар
            1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт.

                                         io
   7   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17