Page 7 - Чаран беьуелэгин киин уулуссатын олохтоохторо
P. 7
XIX үйэ бүтүүтүгэр Хоро нэһилиэгэ үс аҕа уустаах эбит:
Бырдьа, Хоро, Торбос. Кэлин Бырдьа аҕа ууһа Халдьаайы
Бырдьа, Куула Бырдьа диэннэргэ арахсыбытынан түөрт
аҕа уустаах буолбут.
Куула Бырдьа ылан олорор сирэ - Мүрү Чараҥа, Нэлим
үрэҕин сүнньэ. Дьоно үксэ Буурсаптар. Кинилэри Чараҥ
Буурсаптар эбэтэр Куула Буурсаптар дииллэр эбит. Куула
Буурсаптар Халдьаайы Буурсаптары кытта уруулуу буол-
батахтар, төрүттэрэ - Сулукус Лөгөнтөй. Кини алта уол, үс
кыыс оҕолордооҕо.
Сулукус уолаттара үксэ Мүрү Чараҥар олохсуйбуттар.
Сулукус сиэнэ Бүөтүккэ (Баһылай уола) дьиэтэ били-
гин да баар. Бу дьиэҕэ 1936 сыллаахха ЯАССР совнарко-
мун бэрэссэдээтэлэ, Саха сэбиэскэй литературатын тө-
рүттээччи П.А. Ойуунускай Уус Алдан ыһыаҕар кэлэ
сылдьан хоммута. Сулукус сиэнэ Митэрэппээн балаҕаны-
гар улууспут олоҥхоһуттарын истибитэ.
Сулукус уола Дьөгүөссэ (Көҥкөлөй) туттубут ампаара
хос сиэнин Степан Бурцев уһаайбатыгар турар.
Сиэнэ Уйбаанчык дьиэтигэр өр сылларга Уйбаан Ша-
риннаах олорбуттара. 2000 сыл саҕаланыытыгар, хомо-
йуох иһин, көтүрүллүбүтэ.

