Page 22 - Портнягин. Муру алаас барыбыт биьигэ
P. 22
Ill I
_ I/
(_уцҮРҮалаас - барыбыт биһикпит
Illi Illi Illi III 1111
Сэмэн Данилович Баһылайап - Уһуктаах Сэмэн буолар. Оччотооҕу-
га улуус кулубата икки сыл болдьоххо быыбарданан үлэлиир эбит.
Олус кылгас болдьох. Кулуба көмөлөһөөччүлэрэ - икки быыбары-
най уонна биир суруксут. Кулубалар уонна кинээстэр талыллар
буолбуттарын кэннэ улуустар кииннэригэр инороднай управа
- хонтуора дьиэлэрэ - тутуллан үлэлиир буолбуттара. Ону саха-
лар «бырааба дьиэтэ» диэн ааттаабыттар. Оттон нэһилиэктэргэ
кинээстэр үлэлиир дьиэлэрин «сугулаан дьиэ» диэн ааттыыллара.
Улуус кулубатын, Бырааба дьиэтин үлэһиттэрин сүрүн үлэ-
лэрэ Дьокуускай куораттан кэлэр земскэй бэлиитикэ биэрэр со-
рудахтарын толоруу этэ. Ол иһигэр дьаам сүүрдүүтүн үлэтин сү-ахтарын толоруу этэ. Ол иһигэр дьаам сүүрдүүтүн үлэтин сү-
руд
—рүннүүллэрэ. Дьаһаах (нолуок) хомуурун сорудаҕын булгуччу1 1111
толоруохтаахтара. Өлөрүүттэн ураты араас уоруу, алдьатыы,
о.д.а. үҥсүү дьыалатын бэйэлэрэ быһаарар этилэр. Кэлин үөрэх-
тээһиҥҥэ мөссүйүөннэри тэрийэн үлэлэтии ирдэнэр буолбута.
Дьадаҥы ыаллар сүөһүлэрин сылы таһаарыыларыгар көмөнү
■■■I оҥорууга туспа учуот, отчуот оҥоһуллара. ■■■■ ■■■
Ити бириэмэҕэ саҥа тутуллубут Бырааба дьиэтигэр кулуба-
нан быыбарданан үлэлии сылдьыбыттара:
- С.П. Васильев - Кылыкынай, Тулуна киһитэ.
- П.Н. Окоемов - Хаптааннаах кулуба, Курбуһах нэһилиэгэ.
- Е.П. Охлопков - Бэрт Ууһун нэһилиэгэ, Күөл Эбэ киһитэ.
- Г.А. Местников - Өлтөх нэһилиэгэ, Туйма үрэх олохтооҕо.
- И.А. Аржаков - торуой Аржаков, Сэһэн хос сиэнэ, Суотту.
- Д.Ф. Галактионов - Лөгөй нэһилиэгэ, Томтор олохтооҕо.
Е.И. Бурцев - Бэрт Ууһа, Чирэпчи олохтооҕо.
Illi
Illi
< (v ГУ

