Page 33 - Сырабыт тилиннэ, Елуенэ Мурулуун сиэттистэ
P. 33

күөлүн үөскэтэн, күүстээх насостарынан ууну хачаида-
         ган Эбэ иһинээҕи Куоһаҕас диэн күөлгэ кутуллуохгааҕа.
        Онтон турба устун нэһилиэнньэлээх пууннарга тахсан
        нодопроводтартан кырааны аһан, ууну туттуохтаахпыт.
        Өскөтүн иһэр ууттан ордор саппаастаах уу кэлэр буолла-
        цына, ньүөлсүтүүгэ, Эбэ күөлүн толорууга да туһанар
        буолуохпутун сөбө.
           Мүрү эбэ уутун чөлүгэр түһэрэр, Мүрү алаас иһинээҕи
        күөллэри толору уулуур туһунан боппуруос көтөҕүллүбүтэ
        быйыл оруобуна 30 сылын туолар. Онтон ыла ити боппу-
        руоһу тула элбэх этиилэр, үлэлэр ыытылыннылар. Эбэҕэ
        ууну көрдөөһүн боппуруоһа ордук күүскэ 20-с үйэ 70-с
        сылларыгар туруоруллубута. Эбэ тулатынааҕы үрэхтэр уула-
        рын Мүрү күөлүгэр киллэрэргэ холонуу, сир аннынааҕы
        ууну көрдөөһүн уонна Өлүөнэ уутун Мүрүгэ хачайдаан
        аҕалыы варианнара ити кэм устата элбэхтэ ырытыллыбыта.
           Мин үлэлээбит кэммэр Мүрү эбэни уулуур туһунан боп-
        пуруоһу туруорсубут Д.И.Гуляев, Е.В.Бурцев, Г.И.Конни-
        ков, С.И.Аммосов, Н.А.Орлов (Хороттон), оройуон кии-
        нитгэн АН.Хастаева, В.С.Сивцев, И.Д.Петров, В.Г.Федоров,
        Г.В.Данилов, С.Г.Охлопков, С.Е.Васильев, В.В.Румянцев,
        В.АГотовцев, И.В.Бурнашев, С.С.Доллонов, П.П.Варламов,
        П.П.Стрекаловскай, Д.АЕфимов, Н.Н.Оллонов, Е.М.Му-
        рашко этилэр. Итини сэргэ мелиорация ПМК-р үлэлээбит
        В.С.Андросов.
           Мин бастаан бу боппуруоһу туруорсарбар бу фантазия,
        олоххо киирбэт суолу туруорсан дьону бутуйаҕын, государ­
        ство үбүн халтайга ороскуоттуугун, туһата суохха дьон күнүн
        алдьатаҕын диэн сорохтор хомуруйаллара. Ол кэмҥэ дьон
        итинник этэллэрэ эмиэ да сөптөөҕө. Санаан көрдөххө,
        Өлүөнэ уутун манна аҕалыы киһи өйүгэр баппат дьыала
        этэ. Ол эрээри фантазията суох олох сайдыбат. Ким эрэ
        хайаан да фантазиялыахтаах, онтон оҥоруохтаах. Олох со-
        куона оннук.







                                      31
   28   29   30   31   32   33   34   35