Page 30 - Сырабыт тилиннэ, Елуенэ Мурулуун сиэттистэ
P. 30
сайаапка оҥоһуллубат этэ. Хайаан да хаһаайыстыбалары ха-
бан, кинилэр сирдэрин ньүөлсүтэр эрэ буоллаҕына ылы-
наллара. Ол аата тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар кол-
хозтарга уонна совхозтарга мелиорация үбэ туттуллара.
Онтон атын сыалга мелиоративнай үлэдэ үп көрүллүбэт этэ.
Аны төһө кээмэйдээх сиргэ ньүөлсүтүү барыахтааҕа, хас
сылынан ороскуотун толунуохтааҕа, төһө барыһы биэриэх-
тээҕэ барыта суотганара. Онон биһиги хайа сатанарынан
киэн сири хаба сатыырга дьулуспуппут. Ол иһин тыа хаһаа-
йыстыбатын туһаныллар сирин киэнник хабар сыал Өлүөнэ
өрүс уҥа биэрэгиттэн Хапчаҕайтан ууну ылан Туйма үрэх-
хэ бырахтаран, урут оҥоһуллубут «По обводнению озера
Мюрю» диэн ТЭО-ҕа олоьуран Эбэ күөлүн толорон баран
Хараҥа төрдүн үрэҕинэн, Кэптэнинэн, Баатаҕай үрэҕинэн
Өлүөнэ өрүскэ түһүөхтээх диэн сайаапка оггоһуллубута.
Онуоха барытытар 30900 га тыа хаһаайыстыбатын туһаныл-
лар сирэ ньүөлсүтүллэрэ былааннаммыга. 15 нэһилиэнньэ-
лээх пууҥҥа 10924 киһи, 12341 ынах сүөһү, 3671 сылгы
иһэр уунан хааччыллыахтааҕа көрүллүбүтэ. Итинник рас-
четунан картограммалаан мелиорация министригэр П.М.Уп-
холовка сайаапка оҥорон киллэрбиппит. Ити сайаапканы
илдьэ Петр Михайлович РСФСР Мелиорацияҕа министер-
ствотыгар баран кэпсэппитин, аккаастаан ыыппьптара. Би-
ричиинэтэ: «Эһиги сайаапкаҕыт Амма уутун Тааттаҕа түһэ-
рэр туһунан сайаапка иннинэ киирбитэ буоллар ылыллыа
эбит. Өлүөнэ өрүстэн ууну ылан баран Өлүөнэҕэ төттөрү
түһэринэн ордук табыгастаах эбит. Билигин Амма-Таатта
системата ТЭО былаантга киирэн үлэлэнэ сылдьар. Онон
икки улахан системаны тэнтгэ үлэлэтэргэ үп тиийбэт. Ол
да буоллар, бу расчету өссө тупсаран, райком секретарыгар,
райсовет председателигэр илии баттатан киллэр», — диэ-
биттэр. Уонна ССКП райкомунан нөҥүө дьыаланы обко-
мунан эргитэн, Совмиҥҥа туруорсан көрөргө сүбэлээбит-
тэр. Итинтэн ыла, 1973 сылтан ити дьыала ССКП
райкомунан, райсовет исполкомунан эргийэр буолбута.
ССКП райкома Өлүөнэттэн Мүрүгэ ууну бырахтарыы
боппуруоһунан дьарыктанар буолан барбыта.
ССКП райкомун бастакы секретара С. С. Аржаков уонна
28

