Page 30 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 30
М-дээх остолобуойга бухгалтердыыр, 1942 с. от ыйын 17 күнүгэр-,
армияҕа ыҥырыллар.
1943 с. кулун тутар 12 күнүгэр фроҥҥа сэриилэһэ сылдьан сүппүтүн
туһунан, Якутскай военкоматыттан биллэрии кэлбитэ. Уҥуоҕа комүллүбүт
сирэ Украинаҕа, Харьков куоракка.
СИВЦЕВ НИКОЛАЙ МИХАЙЛОВИЧ
1905 с. И-Өспөх нэһилиэгзр дьадан ы кэргэҥҥэ гөрөөбүтэ, онон үөрэм-
мэккэ хаалбыта. Ол да буоллар сайаҕас өйдөөх-санаалаах, хоһуун үлэһит
быһыытынан колхозка биллэрэ.
Дьэгэтэх ферматыгар бостуугунан, онтон кэлин сүөһү биригэдьиири-
нэн үлэлии сылдьан, 1941 с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр армияҕа ыҥы-
рыллан барбыта.
93 стрелковай дивизия 129 стрелковай нолкатыгар киирсэн, Москва
таһынааҕы кыргыһыылартан биирдэстэригэр, биир дойдулааҕа — Егоров
Николай Прокопьевич хараҕын анныгар, хорсуннар охтууларынан охту-
бут. 04.42 с. өлбүт. Уҥуоҕа ханна хараллыбыта биллибэт.
СИВЦЕВ ПЕТР НИКОЛАЕВИЧ
1895 с. П-Өспөх нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төроөбүтэ. Үөрэнии
диэни билбэккэ улааиныта. Бөдөҥ-садаҥ, кыайыылаах үлэһит, олоххо
активнай позициялаах киһи буолан, колхоһугар “Үүнэр-Күүскэ” бири-
гэдьиирдэһэрэ.
1941 с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр армияҕа ыҥырыллыбыта. Ол
тиийэн Москва анныгар уоттаах сэриигэ киирсэн, баас ылан, сэрии
бүтүөн иннинэ дойдутугар эргиллибитэ.
СИВЦЕВ РОМАН ЗАХАРОВИЧ
1923 с. И-Өспөх нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүгэ.
Начальнай оскуоланы бүтэрэн баран, Дүпсүҥҥэ тахсан 7-с кылааһы
бүтэрбитэ.
1942 с. от ыйын 10 күнүгэр, 19 саастааҕар армияҕа ыҥырыллыбыта
уонна төрөөбүт түөлбэтигэр төннүбэтэҕэ. Армияҕа барыан иннинэ, Якут-
скайга туох эрэ курсугар үөрэнэ сылдьыбыт эбит. Уҥуоҕупаи кыра,
тарайбыт эрээри, үөрэҕи ылымтыа, сытыы тыллаах-өстөөх уолчаап эбит.
СИВЦЕВ ФЕДОР СТЕПАНОВИЧ
1918 с. П-Өспөх нэһилиэгэр Чагдаайыга Элбэҕи диэн сиргэ, элбэх
оҕолоох дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Илин Аллаҥҥа “Чыычаах Ыстапа-
ана" диэн киһи ылан иитэн, оҕо оҥостубут.

