Page 35 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 35
” С А РДА Ҥ А ” К О Л Х О З Ч И Л И Э Н Н Э РЭ :
БЕЛОЛЮБСКАЙ ГАВРИЛ ГАВРИЛЬЕВИЧ 1
1885 сыллаахха дьадаҥы бааһыпай кэргэнигэр
төрөобүтэ. 1931 сылтан колхозтаах. Колхозка кии-
риэҕиттэн сылгы табаарынай фермэтин сэбиэдиссэй-
инэн, сылгыһытынан үлэлээбитэ. 1935 с. ударник. 1946
сылга “Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар килби-
эннээх үлэтин иһин” медалынан наҕараадаламмыта.
1960 с. ыалдьан өлбүтэ.
БЕЛОЛЮБСКАЙ ИЛЛАРИОН ГАВРИЛЬЕВИЧ
1887 сыллаахха төрөөбүтэ. 1931 сыллаахтан кол-
хозтаах. Хонуу араас үлэлэригэр сылдьыбыта. 1933
сылтан ударник, 1937 сылтан стахановец. 1943 сылга
573 үлэ күнүн аахсыбыта. 1946 с. “Аҕа дойду улуу
сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” меда-
лынап наҕараадаламмыта.
Сэрии кэнниттэн сир хорутуутугар, от мунньууту-
гар оҕолору батыһыннаран, үлэҕэ үөрэтэн үлэлиирэ.
Үлэни кыайбат буолур диэри үлэлээбитэ. Ыалдьан
өлбүтэ. &
БЕЛОЛЮБСКАЙ ИВАН ГАВРИЛЬЕВИЧ 1
1889 сыллаахха дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1929 сылла-
ахтан колхозтаах. Хонуу биригээдэтин биригэдьииринэн 1949 сылга ди-
эри үлэлээбитэ. 1936 сылтан ударник. 1944 сылга 726 көлөһүн күнүн,
1945 сылга 676 көлөһүн күнүн аахсыбыта.
1946 сылга “Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэ-
тин иһин медалынан наҕараадаламмыта. 1949 с. тымныйан ыалдьан өлбүтэ.
БЕЛОЛЮБСКАЙ ФЕДОР ИВАНОВИЧ
1929 сыллаахха колхозтаах кэргэҥҥэ торөобүтэ.
1940 сылтан үөрэх быыһыгар хонуу үлэтигэр үлэлэ-
эбитэ. Сылга 350 көлөһүн күнүн аахсыбыта. 1947 с.
“Аҕа дойду улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх
үлэтин иһин” медалынан наҕараадаламмыта. 7 кыла-
ас үөрэхтээх. Коммунистическай үлэ ударнига, тыыл,
үлэ ветерана.

