Page 37 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 37
БЕЛОЛЮБСКАЙ ГАВРИЛ ГАВРИЛЬЕВИЧ II
1928 с. П Өспөх пэһилиэгэр колхозтаах кэргэҥнэ
торөөбүтэ. 10 кылаас үөрэхтээх. 1940 с. үөрэнэ-үөрэ-
нэ хонуу араас үлэтигэр үлэлээбитэ. Сылга ортоту-
нан 105 үлэ күнүи аахсара. Колхоз, совхоз производ-
ствотыгар 1981 сылга диэри үлэлээбитэ.
1957 с. Якутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын ме-
ханизациятын училищетыгар үөрэнэп тракторист-ма-
шинист” идэтин ылбыта. Тракториһынан үлэлии сылдь-
ыбыта. 1946 с. “Килбиэннээх үлэтин иһин” медалы-
нан наҕараадаламмыта. 1981-84 сс. диэри больницаҕа
кочегарынан үлэлээбитэ. Онтон пенсияҕа тахсыбыта.
1990 с. ыалдьан өлбүтэ.
ГОГОЛЕВ ВАСИЛИЙ ВАСИЛЬЕВИЧ
1918 с. П Өспөх нэһилиэгэр төроөбүтэ. 4 кылаас
үөрэхтээх. 1931 сылтан сэрии бүтүөр диэри бас-
тайааннай колхозка суотчутунан, онтон бухгалтер-
дар курстарыгар үөрэнэн совхозка 1972 сылга диэри
бухгалтерынан үлэлээбитэ. 1946 с. “Килбиэннээх
үлэтин иһин” медалы ылбыта. Өлбүтэ.
ГОГОЛЕВ ЗАХАР ДМИТРИЕВИЧ
1887 с. 11 Өспөх нэһилиэгэр Киппээттииргэ төрөөбүтэ. Үөрэҕэ суох.
Колхоз тэриллиэҕиттэн сайынын уһаммыта, кыһынын бултуур. 1945
сылтан ударник. 1946 с. “Килбиэннээх үлэтин иһин” медалы ылбыта.
Өлбүтэ.
ГОГОЛЕВА АНАСТАСИЯ ВАСИЛЬЕВНА
1914 с. П Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кыра үорэхтээх.
Сэрии сылларыгар ыанньыксытынан үлэлээбитэ. 2 сылга 32 ынахтан
28 иьирэйи тыыннаахтыы ииппит. Үүт былаанын 90,5% толорбут. Сэрии
кэнниттэн колхозка эмиэ ыанньыксытынан үлэлээбит. 1946 с. “Килбиэн-
нээх үлэтин иһин” медалы ылбыта. Ыалдьан өлбүтэ.
ГОГОЛЕВА АЛЕКСАНДРА ЕЛИСЕЕВНА
1910 с. II Өспөх нэһилиэгэр торөөбүтэ. Үөрэҕэ
суох. 1931 с. колхозка үүт табаарынай ферматыгар
үлэлээбитэ. Субай сүөһү корүүтүгэр, ыанньыксыты
нан үлэлээбитэ. 1943 с. ударник аатын ылбыта. 1945
с. 438 үлэ-күнүн өлөрбүтэ. Үчүгэй кыайыылаах-хо-
туулаах үлэһит этэ. 1947 с. “Килбиэннээх үлэтин
иһин” медалы ылбыта.
Сэрии кэнниттэн Найахыга олорон өлбүтэ.

