Page 46 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 46
1947 с. “Килбиэннээх үлэтин иһин” медалы ылбыта. 1991 с. ыалдьан
өлбүтэ.
ИЛЬИНА ЕКАГЕРИНА СТЕПАНОВНА
1900 е. Илин Алланҥа төрөөбүтэ. Үөрэҕэ суох.
1931 с. Колхозка ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Сай-
ынын оттоһоро, кэнники субай сүөһү көрүүтүгэр
үлэлээбитэ. Сайыиын хонуу араас үлэтигэр үлэли-
ирэ. Үлэҕэ кыайыылаах-хотуулаах үлэһит этэ.
Сорох сыл былаанын 139% тиийэ толороро. Үлэт-
тэн пенсияҕа тахсан баран тохгообута. 1947 с.
“Килбиэннээх . үлэтин иһин” медалы ылбыта. 1972
с. ыалдьан өлбүтэ.
ИЛЬИНА АКУЛИНА ПАВЛОВНА
1921 с. П Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 4
кылаас үөрэхтээх. 1937 сылтан үүт табаары-
най ферматыгар учуоччутунан үлэлээбитэ.
Үлэтин быыһыгар араас үлэлэри үлэлиирэ. Сылга
207 үлэ-күнүн аахсара. Кэлин кролик ферма-
тыгар уонна оройуон киинигэр Бороҕошго кии-
рэн остолобуойга үлэлээбит.
1947 с. “Килбиэннээх үлэтин иһин” медалы
ылбыта. Билигин Бороҕоҥҥо олорор.
ИЛЬИНА ХАРИТИНА НИКОЛАЕВНА
1927 с. П Өспөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 6
кылаас үөрэхтээх. Сэрии сылларыгар үөрэнэ-
үөрэнэ, сайынын ыһыыга, от-бурдук хомууругар
үлэлиирэ. Сылга 116 үлэ күнүн өлөрөрө.
Үөрэхтэн уурайан баран кыһынын субай сүоһү
көрүүтүгэр, ноһуом таһыытыгар, саһаан мас бэ-
лэмнээһинигэр үлэлиирэ. Сайынын ыһыы үлэ-
тигэр, суол солооһупугар, от-бурдук хомууругар
үлэлиирэ. Кэлин оҕо тэрилтэтигэр үлэлээбитэ.
1947 с. “Килбиэннээх үлэтин иһин” медалы
ылбыта. 1982 с. ыалдьан өлбүтэ.
ИЛЬИНА ЕКАТЕРИНА ПРОКОПЬЕВНА
1925 с. П Өснөх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 7 кылаас үөрэхтээх. 1939
сылтан колхозка үлэлээбитэ. Сэрии сылларыгар бастаан үөрэнэ-үөрэнэ,

