Page 47 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 47

онтон  колхоз  үлэһитэ  буолан  кыһыннары-сайынна-
          ры  хонуу  араас  үлэтигэр  үлэлээбитэ.  Сылга  184
          үлэ-күнүн  өлөрөрө.  Кэнники  доруобуйата  мөлтөөн
          араас  кыайар  үлэтигэр  үлэлээбитэ.
             1947  с.  “Килбиэннээх  үлэтин  иһин"  медалы
          ылбыта.  Ыалдьан  өлбүтэ.



                           ИЛЬИН  ИВАН  ПРОКОПЬЕВИЧ

             1931   с.  П  Өспөх  нэһилиэгэр  төроөбүтэ.  7  кылаас
          үөрэхтээх.  Колхозка  кыра  сааһыттан  оҕуруокка,  от
          үлэтигэр,  бурдук  хомууругар  үлэлээбитэ.  Сылга  102
          үлэ-күнүн  өлөрөро.  1953  сыл  механизатордар  оскуо
          лаларыгар  үорэнэн  тракторист  идэтин  ылбыта.  Бас-
          таан  Дүпсүн  МТС-гар,  онтон  оройуоннааҕы  сельхоз-
          гехникаҕа  тракторисгаабыта.  Бурдук  сирин  солооһуну-
          гар,  оттуур  ходуһаны  солооһуҥҥа  үлэлээбитэ.
             1947  с.  “Килбиэннээх  үлэтин  иһин”  медалы  ылбы-
          та.  1961  с.  оһолго  түбэһэн  өлбүтэ.


                       ИЛЬИН  АФАНАСИЙ  ЗАХАРОВИЧ

             1930  с.  П  Өспөх  нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  Үрдүк
          үөрэхтээх  учуутал.  10  кылааһы  үөрэнэн  бүтэрэн
          баран  пединститукка  киирэн  нуучча  тылын  отделе-
          ниятын  1956  с.  бүтэрбитэ.  Онтон  Орто-Халымаҕа
          үлэлээн  баран,  дойдутугар  кэлэн  Баатаҕай,  Бэйдиҥэ
          оскуолатыгар  завучтарынан  үлэлээбитэ.  Пенсияҕа
          тахсыар  диэри  Өспөх  оскуолатыгар  саха  тылын  учу-
          уталынан  үлэлээбитэ.  1985  с.  пенсияҕа  гахсыбыта.
             1947  с.  “Килбиэниээх  үлэтин  иһин”  медалы  ыл-
          быта.  1984  с.  норуот  үөрэҕириитин  туйгуна.  Били-
          гин  сынньалаҥҥа  олорор.

                       ИЛЬИН  НИКОЛАЙ  ИВАНОВИЧ

             1895  с.  П  Өспөх  нэһилиэгэр  төрөөбүтэ.  Үорэҕэ
          суох.  1929  с.  колхозка  киирбитэ.  Алаас  биригээ-
          дэтигэр  биригэдьиирдээбитэ,  сылгы  ферматыгар
          үлэлээбитэ.  1938  сылтан  1957  сылга  диэри  Өспөх
          нэһилиэгин  советып  исполкомун  председателинэн
          үлэлээфитэ.  Сатабыллаах  салайааччы  сэрии  сут,
          кураан  сылларыгар  биир  да  киһи  нэһилиэккэ
          хоргуйан  өлүүтүн  таһаарбатаҕа.
   42   43   44   45   46   47   48   49   50   51   52