Page 62 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 62

“ Ч А ГД А А Й Ы ”  К О Л Х О З  Ч И Л И Э Н Н Э Р Э :


                                ГОРОХОВ  МИХАИЛ  АФАНАСЬЕВИЧ
                                   1925  с.  төрүөх.  70  саастаах  тыыл,  үлэ  ветера-
                                на.  “Чагдаайы”  к-з  чилиэнэ.  Чэриктэй  4  кл-х  оску-
                                олатын  бүтэрэи  баран  Дүпсүн  7  кл-х  оскуолатын
                                6-с  кл-н  бүтэрдэҕин  сыл  сэрии  буолан  салгыы
                                үөрэммэтэҕэ.  1943  сылтан  1944 сылга диэри  “Арҕаа-
                                Хочо”  биригээдэтигэр  ферма  завед.  1945  сылтан
                                1947  сылга  диэри  “Чагдаайы”  колхозка  кладовщи-
                                гынап үлэлии олордоҕуна  1948 сылга Өспөх  нэһили-
                                эгин  Советып  Секретарынан  ылбыттара.  Бу  үлэ-
                                тигэр  1950  сылга  диэри  үлэлээбитэ.  Ветеринарнай
            фельдшер  үөрэҕин  1955  сыл  бүтэрэн  Найахыга  “Коммунизм”  колхозка
            ветеринарынан  үлэлээбитэ.  1960  с.  Өспөх  нэһилиэгэр  ветеринар  үлэти-
            гэр  пенсияҕа  тахсыар,  1980  сылга  дылы  үлэлээбитэ.  Ити  иһигэр  1973
            сылтан  1975  сылга  диэри  сүөһү  биригэдьииринэн.  Пенсияҕа  тахсан  баран
            1990  сылга  диэри  кладовщигынан  үлэлии  сылдьан  ыалдьан  уурайбыта.
               Ити  үлэлээбит  сылларын  усталарыгар  араас  суол  общественнай  үлэ-
            лэри  толорон  кэллэ.  Ол  курдук  Ревком  председателинэн,  Лабочнай  ком-
            я  предс-н,  профсоюз  месткомун  предс-н,  олохгоох  народнай  контроль
            предс-н,  табаарыстыы  суут  предс-эн,  административнай  комиссия  Чилиэ-
            нинэн,  арыгыны  утары  охсуһар  комиссия  председателинэн  о.д.а.  үлэлэри.


                                  КОНДРАТЬЕВА  ДАРИЯ  ЛЬВОВНА
                                     1929  с.  төрүөх.  66  саастаах  тыыл,  үлэ  вете-
                                  рана,  Өснөх  нэһилиэгин  олохтооҕо.  Төроөбүт  сирэ
                                  Найахы  нэһилиэгэ.  Аҕа  дойду  сэрийтэ  саҕала-
                                  нан  5  кл.  бүтэрээт  да  үөрэҕиттэн  уурайбыта.
                                  Бастаан  колхозка  сүөһү  үлэтигэр  көмөлөө-
                                  һүччүнэн  онтон  оскуолаҕа  завхоһунан,  повары-
                                  нан,  остуораһынан  үлэлээбитэ.
                                     1951  сылтан  1960  сылга  диэри  Комсомольс-
                                  кай  путевканан  тахсан  Найахы  “Коммунизм”
                                  колхозка  доярканан  үлэлээбитэ.  Ити  үлэтигэр
            үрдүк  көрдөрүүлэри  ситиһэн  Райсовет  депутатынан,  Райкомол  пленумун
            чилнэнинэн,  Олохгоох  нэһилиэк  депутатынан  быыбардаммыта.  Итини
            таһынан  ЦК  ВЛКСМ,  Райком,  Райкомол  Почетнай  грамоталарынан  наҕа
            раадаламмыта.  1960  с.  Өспөх  нэһилиэгэр  киирэн  бастаан  доярканан  онтон
            2  сыл  кролик  көрүүтүгэр  үлэлээбитэ.  1963  сылтан  оскуолаҕа  остуо-
            раһынан  пенсияҕа  тахсыар  диэри  ол  эбэтэр  1979  сылга  дылы  үлэлээбитэ.
            Пенсияҕа  тахсан  баран  5  сыл  устата  оскуолаҕа  эмиэ  остуораһынан
            хаалан  үлэлээбитэ.  Хас  да  сыллар  усталарыгар  Дьахтар  комитетын  пред-
            седателинэн  общественнай  үлэни  толорбута.  3  оҕо  ийэтэ,  3  сиэн  эбэтэ.
   57   58   59   60   61   62   63   64   65   66   67