Page 63 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 63
Тыыл, үлэ ветерана. 1983 с. төрообүтэ, 77 са-
астааҕар 1960 с-ха өлбүтэ. “ЧагдаайьГ колхоз чи-
лиэнэ. Колхозка чилиэнинэн киирээт да колхоз'
араас күүстээх үлэлэригэр чуолаан тутуу үлэти-
гэр күүһүн харыстаабакка үлэлээбит киһи. Кэлин
өр сыллар усталарыгар колхоз кадровай булчуту-
нан ананан өлүөр диэри ол эбэтэр 1960 сылга
диэри күндү түүлээҕи сууһарбыт киһи. Бу булду-
гар үрдүк ситиһиилэрин көрдөрбүтүн иһин Стаха-
новец булчут үрдүк аатын ылар чиэскэ тиксибитэ.
Холбостон, Райсомзтан Почетнай грамоталардаах.
ГОРОХОВА ПРАСКОВЬЯ ДМИТРИЕВНА
Тыыл, үлэ ветерана. 1960 с. төрөөбүтэ, 61 саас-
тааҕар 1971 сылга өлбүтэ. “ЧагдаайьГ колхоз чили-
энэ. Бастаан “Чагдаайы” колхозка кэлин бөдөҥсүйбүт
“Каганович” колхозка уопсайа 30-ча сыл сүөһү ара-
ас үлэлэригэр ол иһигэр өр сылларга доярканан
ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Аҕа дойду сэриитэ саҕ-
алаиыытын кытта кэргэнэ Горохов Иннокентий Ко-
нонович 1942 с. армияҕа барбыта. Бу алдьархайдаах
сэрии ааҥнаабыт кэмигэр сут кураан сылларга 3 эмдэй сэмдэй оҕолор
Прасковья Дмитрьевна көрүүтүгэр хаалбыттара. Кыайыылаах сүрэхтээх
үлэһит буолан бу оҕолорун сүһүөхтэригэр туруортаан киһи-хара оҥорто-
обута. Билигин 2 оҕото баар, 6 сиэннээх 13 хос сиэннээх.
ГОРОХОВА МАРИЯ ВАСИЛЬЕВНА
Тыыл, үлэ ветерана 1918 сыллаахха торөөбүтэ,
1952 с. 34 саастааҕар өлбүтэ. “Чагдайы” колхоз
чилиэнэ.
Мария Васильевна кыра эрдэҕиттэн үлэни тап-
тыы үөрэммитэ. Ол курдук “Илин-Хочо” диэн
учаастакка колхоз араас үлэлэригэр күүһүн ха-
рыстаабакка үлэлээбит киһи. Кэлин “Арҕаа-Хо-
чо” диэн бригада тэриллибитигэр көһөн кэлэн
сүөһү араас үлэтигэр ол иһигэр ыаниьыксыты-
пан өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Кэргэнэ Горохов Афанасий Петрович 1942 с. сэриигэ барбыта, Мария
Васильевна көрүүтүгэр-истиитигэр 6 оҕо хаалбыта. Сэрии ыар кэмнэри-
гэр, сут-кураан сылларга бэйэтин харыстаммат үлэтинэн иитэлээн киһи-
хара оҥортообута. Оннук хотуулаах, кыайыгас үлэһит этэ.

