Page 9 - Өлбөт сүппэт Өспөҕүм дьоно 1995
P. 9
нэн киирэн Өспөх нэһилиэгэр, Илин Хочоҕо олохсуйаллар. Оскуолаҕа
үөрэммэтэҕэ. Ликбеһинэн ааҕар-суруйар буолбута. Аҕата Петр Федоро-
вич колхоһугар манпайгы дояр этэ, уһуннук ыанньыксытынан үлэлээбитэ.
Афанасий кыратыттан үлэҕэ эриллэн, кэлин үлэни-хамнаһы кыай-
ыгас, сөбүгэр тэтиэнэх киһи буолан тахсыбыта.
1942'с. бэс ыйын 23 күнүгэр армияҕа ьигырыллан барбыта уонна
1943 с. сураҕа суох сүппүтэ.
Кэргэнэ Мария Васильевна биэс оҕолоох хаалан, оҕолорун бэйэтэ
улаатыннартаабыта. Билигин олортон түөргэрэ үлэ-хамнас үөһүгэр сылдь-
аллар, элбэх сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх.
ГОРОХОВ ИННОКЕНТИЙ к о н о н о в и ч
1903 с. Чэриктэй нэһилиэгэр Арҕаа Хочо диэн сиргэ дьадаҥы кэргэҥ-
ҥэ төрөөбүтэ, оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ. Кэлин Өспөххө холбоһон “Чаг-
даайы” колхозка чилиэнииэн киирбиттэрэ. Ханнык баҕарар үлэҕэ кыай-
ыгаһа-хотугаһа, ордук холлоох оту охсооччунап биллэрэ.
1943 с. бэс ыйыгар армияҕа ыҥырыллан барбыта уонна Забайкальеҕа
байыаннай тутар этэрээккэ сулууспалаабыта.
1945 с. босхолонон дойдутугар кэлэн иһэн Томмот куоракка ыалдьан
өлбүтэ. Киниттэн 4 оҕо хаалбытыттан иккитэ Дыгдаалга олороллор. Буойун
билигин алта сиэннэрдээх.
ГОРОХОВ ТАРАС АЛЕКСЕЕВИЧ
1900 с. Өспөх нэһилиэгэр Илин Хочоҕо төрообүтэ. “Чагдаайы” колхоз
членэ. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар 1943-45 сс. үлэ дьонугар сылдь-
ыбыта. Дойдутугар төниөн кэлэн колхоз араас үлэлэригэр үлэлээбитэ,
бултаабыта. 1984 с Чэриктэйгэ ыалдьан өлбүтэ.
ГОТОВЦЕВ ИВАН НИКОЛАЕВИЧ
1907 с. 11 Өспөх нэһилиэгэр Арҕаа уҥуор Ыал
Уһуга диэн сиргэ төрөөбүтэ. “Үүнэр Олох” колхозка
членинэн киирэн, сайынын окко, кыһынын тутууга,
онгон да атын үлэлэргэ сылдьара. 1941 с. саас Оспоххө
Батыйалаах диэн сиргэ турбут начаалынай оскуола
дьиэтин көтүрэн аҕалан Дыгдаал бөһүөлэгэр Румянцев
Евстафийдыып маастардаан туттарбыттара. Кини туту-
уга дьоҕурдаах уонна бастыҥ от охсооччу этэ.
1941 с. атырдьах ыйын 12 күнүгэр армияҕа ыҥы-
рыллыбыта. Өрүһү туоруулларыгар, күүстээх тыал түһэн
хаайаары гыммыгыгар Иван Николаевич: “Оннооҕор
немец буулдьатын утары киириэхпйт турар!” — диэн дьулуйан, хайыыгы
бэйэтэ куормалаан туораппыт. Кэлин суруга Мальта станцияттан үорэхтд-

